Дьокуускай нэһилиэнньэтэ улааттаҕын, дьон олорор дьиэлэрэ, саҥа кыбартааллар тутулуннахтарын аайы оптуобус морсуруута саҥардыллыбакка, айанныыр сирэ уһаан биэрэрэ. 5-тэн 12-гэ диэри килэмиэтирдээх морсурууттар отуттан тахса сыл устата 20-тэн 27 килэмиэтиргэ тиийэ уһаатылар.

Уруккуну кытта тэҥнээтэххэ, морсуруутунан сылдьар оптуобустар 2,5 – 5 төгүл элбэхтик айанныыр буоллулар. Ол түмүгэр суоппар да, оптуобус да элбээбитэ. Ону кытта чааһынайдары наймылаһан, ороскуот биллэрдик улааппыта. Маннык ороскуот үгэскэ кубулуйуута куорат морсурууттарынан сылдьар ЯПАК муниципальнай тэрилтэҕэ эмиэ сыһыаннаах.

Кыһалҕаны быһаарарга

2023 сыллаахха саҥа морсурууттары оҥорорго билим-чинчийэр үлэ тэриллибитэ. Бу үлэни Москуба эспэртиисэлиир института бэрэбиэркэлээбитэ. Бырайыага Дьокуускай маастар-былааныгар, ону таһынан 2030 сылга диэри куорат агломерациятын өр сыллаах сайдыытыгар туһуламмыт РФ Бэрэсидьиэнин дьаһалыгар киирбитэ. Ону РФ Бырабыыталыстыбата 2024 сыла ахсынньытыгар дьаһал таһааран бигэргэппитэ.

Бу үлэ чэрчитинэн дьону таһар тэрилтэлэр уонна куорат дьаһалтата кыттыһан уопсастыбаннай тырааныспар балаһыанньатын анаалыстаабыта, кыһалҕаны уонна кэнэҕэс тутууну учуоттаан, саҥа морсуруут ситимин толкуйдаабыта.

Үлэ сүрүн кэнсиэпсийэтэ:

– хоту уонна соҕуруу территориальнай сегменнэргэ арааран дьону таһыы (Мэдиссиинэ киинин түөлбэтэ уонна “Үрүҥ Күөл” ырыынак);

– саҥа морсурууттары оҥоруу: магистральнай уонна хайа эрэ сиргэ аҕалар сир;

– саҥа морсурууттары киллэрэн урукку морсурууттар айаннарын кылгатыы, ол түмүгэр айанныыр кэм арыта кылгаан биэрэр;

– куорат морсуруутун ситимин саҥаттан уларытыы;

– уопсастыбаннай дьону таһыы контракциятын саҥа мадьыалын оҥоруу, чуолаан “нетто” эбэтэр “брутто” хантараактары түһэрсии. Ол түмүгэр пассажирдары “сырсыы” кыһалҕата быһаарыллыаҕа уонна оптуобустары саҥардыыга, суоппардарга табыгастаах усулуобуйаны тэрийиигэ экэнэмиичэскэй балаһыанньа тупсуоҕа;

– элбэх киһини батарар кылаастаах оптуобустарынан хааччыллыы.

“Билиҥҥи туругунан 1 түһүмэххэ үлэ барбыт. Хантараак усулуобуйатынан куорат үстүү морсуруута лоттарга холбоннулар, олортон хас биирдиилэрэ “рентабельнай”, “рентабельнай соҕус” уонна “рентабальнайа суох” диэҥҥэ наарданнылар. Ити морсурууттары аттарарга уонна наада буолар түгэнигэр, төһө да күрэстэһии баарын иһин, бэйэлэрин лоттарын иһигэр сапаас оптуобустарын морсурууттан морсуруукка көһөрөр кыах үөскээтэ. Ол түмүгэр аҕыйах оптуобустаах, кыһалҕалаах морсурууттарга көмө баар буолла. Хантараак усулуобуйатынан оптуобустары лоттан локка көһөрөр кыахтаахпыт”, – диэн Эдуард Садовников бэлиэтиир.

Автопаркаҕа 210 саҥа оптуобус кэлбитэ, ол иһигэр саҥа морсуруукка наадалаах аныгылыы оҥоһуулаах оптуобустар эмиэ бааллар. Аны 173 оптуобус саҥардыллара хаалла.

Дьоллоох Дьокуускайбытыгар оптуобустар айаннара тупсарын кэтэһэбит. 

Дьокуускай дьаһалтатын пресс-сулууспатын матырыйаалынан.
yakutia.info  саайт хаартыската.

Бүтэһик сонуннар