Бу күннэргэ Айсен Николеав бырабыыталыстыба салалтатын кытта көрсөн, уталыппакка быһаарыллыахтаах сорудахтары биэртэлээтэ, болҕомто ордук туохха ууруллуохтааҕын быһаарда.

Бастатан туран, Ил Дархан министиэристибэлэри уонна биэдэмистибэлэри бүддьүөт иккис ааҕыытыгар олох үчүгэйдик бэлэмнэнэн тиийэллэригэр, бары быһаарыыны үп министиэристибэтин кытта сүбүлэһэллэригэр сорудахтаата. Болҕомто ордук хамнаһы төлүүргэ, уот-күөс, ититии боппуруостарыгар ууруллуохтааҕын санатта.

“Булгуччулаах суоллар толору төлөнүөхтээхтэр, көдьүүһэ суох ороскуот сарбыллыахтаах, тарыып үрдээһинэ – хонтуруолланыахтаах”, – диэн Ил Дархан быһаарда.

Мунньахха кыһын олоҕу хааччыйар тыын суолталаах үлэҕэ-хамнаска тохтоотулар: улуустар оттук дьылыгар төһө бэлэмнэрин ырыттылар. Хотугу улуустарга таһаҕас тиэрдиллиитэ, уматык боппуруоһа эмиэ ахтылынна. Онно этиллибитинэн, уматыгы хаһаанар үлэ барар турар диэн буолла. Уустук суоллаах-иистээх сирдэргэ таһаҕаһы эмиэ тиэйэ сылдьаллар.

Итини таһынан, эминэн хааччыйыы, өрөспүүбүлүкэҕэ саньытаарынай-эпидемологическай быһыы-майгы, үлэ-хамнас ырыынагын, мэдиссиинэ өҥөтүн, о.д.а. туһунан кэпсэттилэр. Айсен Николаев олох-дьаһах бары салааларыгар эппиэтинэстээх министиэристибэлэр-биэдэмистибэлэр үлэлэрин күүһүрдэллэригэр, туох наадатын барытын хааччыйалларыгар сорудахтаата.

Кыым.ру.
Хаартыска: Андрей Сорокин/СИА

Бүтэһик сонуннар