“Туризм уонна ыалдьытымсах буолуу” диэн дойду бэрэсидьиэнэ көҕүлээбит национальнай бырайыагын былаана туолара бу кэлбит. Ол туһунан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Анатолий Семенов кэпсээтэ.
– Саха сиригэр кэлэр турист ахсаана эбиллэ турар. 2026 сыллаахха 300 тыһыынча киһини сырытыннарар былааннаах этибит. Алтынньы 10-с күнүнээҕи туругунан, 298,6 тыһыынча киһи номнуо кэлэн барда. Тэтиммит үчүгэй, былааммыт туолуо диэн эрэнэбин”, – диир Анатолий Аскалонович.
Кыым.ру
Хаартыска: sakha.gov.ru
