Хас нэдиэлэ ахсын “Тэбэнэккэ” араас эйгэ ситиһиилээх ыччатын олоҕун-дьаһаҕын, кыайыытын-хотуутун сэһэргиибит. Бүгүҥҥү ыалдьыппыт – “Классная тема” тэлэбиидэнньэ бырайыак бэһис сезонун сүүмэрдиир түһүмэҕэр ситиһиилээхтик кыттыбыт уонна Арассыыйа үрдүнэн тыһыынчанан экспертнэй сүбэ талбыт 35 бастыҥ педагогун ахсааныгар киирбит, Дьокуускайдааҕы Саха-Кэриэй оскуолатын математикаҕа учуутала Сергей Гронин.
Кини учуутал идэтин тоҕо талбытын, тэлэбиидэнньэ бырайыагар кыттарга хайдах быһаарыммытын, математикаҕа уонна информатикаҕа үөрэтэр албастарын “Кыым” хаһыакка кэпсээтэ.
-- Дорообо! Эйигин Семен Ченянов тэрийбит “Ice Tone” бөлөҕүгэр ыллаабыккынан билэбин. Ааҕааччыларбытыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэрэ түһэриҥ буоллар.
-- Үтүө күнүнэн! Мин Өлүөхүмэ улууһун 1-кы Нөөрүктээйи нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Сааһым – 26. 2023 сыллаахха Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет математика уонна информатика салаатын кыһыл дьупулуомунан бүтэрбитим.
Дьокуускайдааҕы Саха-Кэриэй оскуолатыгар 2022 сылтан таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьабын. Бэһис кууруска үөрэнэ сылдьан үлэҕэ киирбитим. Билигин ол кэми санаатахпына, хайдах барытын ситиспиппин дьиктиргиибин: оскуола кэнниттэн үөрэхпэр сүүрэрим, эбэтэр төттөрүтүн, үөрэҕим кэнниттэн оскуолаҕа айаннааччыбын. Олоҕум олох оргуйан олорор этэ.
Билигин да олоҕум тэтимнээх: оскуолаҕа учууталлыырым таһынан, риелтордыыбын, ол быыһыгар аспирантураҕа үөрэнэбин уонна айар да үлэнэн дьарыктанабын.
– Хайыы үйэ оҕолору кытта үлэлээбитиҥ 4 сыл буолбут эбит. Оҕо эйгэтигэр сылдьар хайдаҕый?
– Оннук эбит ээ. Бу соторутааҕыта эрэ университеты бүтэрбит курдук этим. Оҕолору кытта үлэлиир үчүгэй. Оҕо эйгэтэ сырдык, ыраас, интэриэһинэй диэн, аҕыйах тылынан ойуулаан этиэхпин сөп. Оҕолор эйиэхэ эрэнэллэрин уонна итэҕэйэллэрин билэ-көрө сылдьар ураты иэйии дии саныыбын.
Биһиги оскуолабыт кыра буолан, биһиги дьиэ кэргэн курдук эйэлээхпит: кэллэктиипкэ да, оҕолору кытта сыһыаммытыгар даҕаны. Үөрэнээччилэрбин, кэллэктииппин олус сөбүлүүбүн. Манна үлэлиир кэммэр атын оскуолаларга хаста да ыҥырбыттара да, аккаастаабытым.
-- Бэйэҥ хайдах үөрэнээччи этигиний?
-- Оскуолаҕа үчүгэйдик, ситиһиилээхтик үөрэммитим. Араас хайысханан барытынан дьарыктаммытым: оскуола бэрэсидьиэнэ да этим, волейболга, саахымакка да сылдьарым, үҥкүүлүүрүм, ыллыырым даҕаны. Оҕо-оҕо курдук арыт мэниктээн, мөҕүллэн да ыларым.
Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар математикаҕа дьоҕурум кыра эрдэхпиттэн биллэрэ. Манна учууталларым Александра Робертовна Сукулова уонна Юлия Юрьевна Ксенофонтова улахан оруоллаахтар. Кинилэр мин билиибэр уонна сатабылбар тирэх буолбуттара диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Онтон өрөспүүбүлүкэтээҕи интэринээт-лиссиэйгэ үөрэнэ тиийбиппэр, Татьяна Гаврильевна Протодьяконова математикаҕа дьаныардаахтык үөрэппитэ.
Билигин математиканы эрэ буолбакка, информатиканы эмиэ үөрэтэбин. Дьиҥинэн, информатиканы бэйэм быдан ордоробун. Бу биридимиэт син биир математика курдук, ол эрээри, мин санаабар, быдан интэриэһинэй. Оҕолор да үксүлэрэ информатиканы ордук сөбүлүүллэр. Онон үөрэтиитэ даҕаны быдан чэпчэки курдук.
-- Эрдэттэн учуутал буолуоххун баҕарбытыҥ дуо?
-- Кырдьыгынан эттэххэ, устудьуоннуу сылдьан учууталлыы барыам дии санаабат этим, ол эрээри олоҕум бэйэтэ бу кэрэ идэҕэ сирдээбитэ. Бакалаврбын бүтэрэн баран, магистратураҕа үөрэҕим хайысхатын уларытыам дии саныырым. Ол эрэн устудьуоннуу сылдьан буоларын курдук, харчыга ыктараммын, репетиторынан үлэлээбитим. Кистэл буолбатах, репетитордарга үксүн биридимиэттэрин ситэ өйдөөбөт, ыарырҕатар оҕолор кэлэллэр. Ол үөрэтэ сылдьаммын, оҕолорум матырыйаалы үчүгэйдик өйдүүр буолбуттарын, биридимиэттэригэр интэриэс үөскээбитин көрөммүн – бу мин идэм эбит диэн өйдөөбүтүм.
-- Бастакы ыыппыт уруоккун өйдүүгүн дуо? Хайдах ааспытай?
-- Бастакы уруокпар сүрдээҕин долгуйан, бэлэмнэнэн аҕай тахсыбытым. 11-с кылаастары анаабыттара. “Оҕолорум миигин сөбүлээбэтэхтэринэ хайыыбын? Хайдах киирэбин?” диэн санаалартан тыыным быыппастара. Хата, барыта этэҥҥэ ааспыта.
-- Математика уонна информатика курдук уустук биридимиэттэргэ оҕолор интэриэстэрин хайдах тардаҕыный?
-- Үрдүкү кылаас оҕолоро үгүстүк: “Эһиги синустаргыт уонна косинустаргыт туохха наадалаахтарый?” диэн ыйытааччылар. Оҕоҕо ылар билиитэ туохха наадалааҕын, ханна туһалаах буолуон сөбүн быһаарбатаххына, интэриэстэрэ сүтүөн сөп. Ол иһин уруоктарбар үөрэнэр билиибит хайдах, туохха туһанылларын быһаара сатыыбын. Оҕолорго математика практическай өттүн көрдөрөр улахан суолталаах.
-- Туох кистэлэҥнэрдээххиний, албастардааххыный?
-- Аныгы оҕо болҕомтотун кылгас кэм иһигэр тута охсор наада. Ол иһин мин уруоктарбар визуальнай матырыйаалы, интерактивнай сорудахтары уонна олохтон ылыммыт чаҕылхай холобурдары тутта сатыыбын.
“Куонкуруска кыттыым туспа устуоруйалаах”
-- “Классная тема” тэлэбиидэнньэ бырайыагар ситиһиилээхтик кыттыбыккын. Бу куонкурус туһунан туох санаалааххын?
-- Бу куонкуруска кыттыым туспа остуоруйалаах. Бэс ыйын бүтүүтэ миигин “кылаас салайааччыларын пуорумнарыгар сайаапката түһэрэ оҕус” диэн кэллиэгэм сорудахтаабыта. Ол кэллиэгэм алҕаска атын ссылканы ыытан кэбиспит этэ. Ол саҕана мин ОГЭ, ЕГЭ түбүгэр сылдьарым, ону тэҥэ, сайыҥҥы лааҕырга үлэлии сылдьар буоламмын, олох иллэнэ суоҕум. Ол иһин үчүгэйдик көрбөккөбүн эрэ, түргэн үлүгэрдик сайаапканы толорон ыыппытым. Кэлин билбиппит, олох да “Классная тема” бырайыакка сайаапкабын ыыппыппын эбит. Тиһэҕэр кылаас салайааччыларын пуорумнарыгар уонна “Классная тема” бырайыакка иккиэннэригэр кыттарга күһэллибитим (күлэр). Кэлин билбитим, кэллиэгэм бу бырайыакка сайаапкатын үстэ ыыта сылдьыбыт эбит, ол эрэн, хомойуох иһин, сүүмэрдээһини ааспатах.
Миэхэ саамай ыарахана, биллэн турар, видеоурок бэлэмнээһинэ уонна устуута этэ. Москваҕа көтөн иһэн олус долгуйбутум. Ол эрэн бастакы уһуллуу кэнниттэн, арыый уоскуйан, бэйэбэр эрэл үөскээбитэ.
-- Бу бырайыак эйигин туохха үөрэттэ?
-- Мин санаабар, маннык бырайыактар учууталларга эрэ буолбакка, бүтүннүү уопсастыбаҕа наадалар. Учуутал идэтэ олус суолталаах: биһиги, үгүс өттүнэн, оҕо дьылҕатыгар улахан оруоллаахпыт. Онтон оҕолор -- биһиги инникибит буолаллар. Онон, маннык бырайыактар идэни тарҕатыыга көмөлөһөллөр, суолтатын көрдөрөллөр.
Онтон тус бэйэбэр, бу бырайыак көмөтүнэн идэбин өссө күүскэ таптыыр буоллум, элбэх саҥа идиэйэлэри уонна, биллэн турар, улахан уопут ыллым.
-- Иллэҥ кэмҥэр тугу дьарыктанаҕын?
-- Иллэҥ кэммин туһалаахтык атаарарга кыһаллабын: киинэ, сэрийээл көрөбүн, кинигэ ааҕабын, волейболлуубун. Ону таһынан, билигин кыбартыырабын тэринэ, оҥосто сылдьабын.
-- Сергей, аны туран, эн наһаа айар куттаах киһигин. Бэйэҥ саастыылаахтаргар ырыа толорооччу быһыытынан биллэҕин. Ырыаҕа сыһыаныҥ туһунан сырдат эрэ...
-- Бэйэм кыра эрдэхпиттэн ыллыыр буоламмын, бу дьарыкпын бэйэбин кытта илдьэ сылдьабын. Ырыа миэхэ уоскулаҥы бэлэхтиир. Өр ыллаабатахпына, сыанаҕа тахсыбатахпына, ыалдьан киирэн барабын, доруобуйам туруга мөлтөөбүккэ дылы буолар. Семен Ченянов тэрийбит “Ice Tone” бөлөҕүгэр хас да ырыаны сүрэхтээбиппит. Кэлин бэйэм соҕотохтуу “Luv u”, “Бэлэхтэммэтэх” уонна “Түүлбэр” диэн ырыалары таһаарбытым. Өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар култуурунай тэрээһиннэргэ мэлдьи көхтөөхтүк кытта сатыыбын.
-- Инники былааныҥ?
-- Мин санаабар, учуутал идэтэ диэн биир сиргэ тохтообокко, мэлдьи үрдүккэ дьулуһуу, билии киэҥ байҕалыгар умсуу буолар. Ол иһин инникитин идэбин өссө дириҥник баһылыыр, аныгы кэм ирдэбилин кытта тэҥҥэ хардыылыыр былааннаахпын. Бэйэм кылааспын ситиһиилээхтик бүтэттэриэхтээхпин уонна бэйэм аспирантурабын түмүктүөхтээхпин. Салгыы бириэмэ көрдөрөн иһиэҕэ.
– Биһиги кэпсэтиибитин ыччатынан саҕалаабыппыт, кинилэринэн түмүктүөххэ?
– Билиҥҥи үйэ дьоно билиигэ, сайдыыга олус тардыһыылаахтар. Араас хайысхаҕа барытыгар кимэн киирэн иһэллэр. Саха дьоно ханна тиийбэтэхтэрэ баарай?! Талааннара, сатабыллара диэн сүрдээх. Саамай сүрүнэ, бириэмэни туһата суохха ыыппакка, төһө кыалларынан олоххо көхтөөх буоллахха, барыта табыллар.
Үгүс ыччат билигин чөл олоҕу тутуһар, арыгыны, табаҕы батыспат. Наар дьарыктаах буоларга дьулуһаллар. Туох эрэ саҥаны айа-тута сылдьаллар. Аны туран, саҥаны толкуйдуу түһэллэринэн, уларыйыыга чэпчэкитик сыһыаннаһалларынан маладьыастар. Билигин эдэр дьон араас эйгэҕэ ситиһиилэрин туһунан ааҕа-билэ, истэ сылдьарбыт олус үчүгэй.
Мин эмиэ киһи астына көрөр, сөҕөр, киэн туттар киһитэ буолуохпун баҕарабын. Бэйэм өрөспүүбүлүкэбэр наадалаах уонна туһалаах исписэлиис быһыытынан сайыннахпына, наһаа үчүгэй буолуо этэ, онно эрэллээхтик дьулуһабын.
-- Кэпсээниҥ иһин махтал!
Татьяна Жанчикова.


