СНГ дойдуларын Судаарыстыбалар икки ардыларынааҕы статистикатын кэмитиэтин дааннайынан, бу түмсүүгэ киирэр дойдулартан 2026 с. туругунан саамай түргэнник сайда турар экэниэмикэлээх судаарыстыбаларынан Кыргызстан, Узбекистан уонна Таджикистан ааттаннылар. Ол курдук, 2026 сылга ким төһө түргэнник сайдан иһэрин, ВВП-тын көрдөрүүтэ улаатарын бу испииһэккэ көрүөххэ сөп:

Кыргызстан -- +11,1 %, Узбекистан -- +8,5 %, Таджикистан – 8,2 %, Туркменистан -- +6,3 %, Армения -- +6 %, Казахстан -- +4,1 %, Беларусь -- +1,9 %, Азербайджан -- +1,2 %, Арассыыйа -- +0,6 %, Молдова -- +0,6 %.

Бу мантан көрдөххө, уруккута биир ССРС састаабыгар олорбут өрөспүүбүлүкэлэрбит бары биһигини куота сайдан иһэллэр эбит. “Киин Азия дойдуларын экэниэмикэтэ бырамыысыланнай оҥорон таһаарыы, биирдиилээн эргиэн кээмэйэ улаатыытын уонна т/х-тын үрдүк көрдөрүүтүн суотугар түргэнник сайдар” диэбиттэр.

Кыым.ру

Бүтэһик сонуннар