Күндү Саха сирин олохтоохторо!
Арассыыйа норуоттарын сомоҕолоһууларын сылыгар Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!
Арассыыйа Федерациятын Президенэ Владимир Путин олунньу 5 күнүгэр “Знание” уопсастыба дойду бары эрэгийиэннэрэ кыттыылаах “Арассыыйа – биир дьиэ кэргэн” үөрэтэр-сырдатар марафонун чэрчитинэн Арассыыйа норуоттарын сомоҕолоһууларын сылын үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйбыта. Ол онно Президент хас биирдии норуот култууратыгар уонна үгэстэригэр ытыктабыллаах сыһыаҥҥа олоҕурар Арассыыйа норуоттарын сомоҕолоһуута дойдубут тутаах күүһүнэн, бары ситиһиилэрин уонна кыайыыларын бигэ тирэҕинэн буоларын бэлиэтээбитэ.
“Ол төрдө-төрүөтэ туохханый? Арассыыйа састаабыгар киирбит норуоттарга, кинилэр култуураларыгар уонна үгэстэригэр, духуобунай сыаннастарыгар муҥура суох ытыктабыл баар буолан, үгүс үйэлэр тухары бииргэ алтыһан, барыбыт сыаннаспыт биир буолбута. Омос көрдөххө, култуурабыт, үгэспит уратылаһар, ол эрээри төрүт сыаннаспыт – биир”, – диэбитэ Владимир Владимирович Путин.
Бу бырааһынньык биһиги күүспүт сомоҕолоһуу буоларын санатар аналлаах. Саха сиригэр 135 араас омук бэрэстэбиитэлэ баар. Манна саха нуучча, эбээн, эбэҥки, дьүкээгир, чукча, долган, онтон да атын норуоттар үйэлэр тухары өйөһөн-өйдөһөн олороллор. Биһиги эгэлгэ арааспыт – уратыбыт эрэ буолбатах, бу биһиги дьиҥнээх стратегическай күүспүт, уопсай баайбыт.
Дойду сайдыытыгар өрөспүүбүлүкэбит дьоһун кылаатын киллэрэр. Биһиги 2,6 трлн солкуобайдаах эрэгийиэннээҕи баалабай бородууктаны оҥорон таһаарабыт – бу Уһук Илин барыта оҥорон таһаарар кээмэйин биэс гыммыттан биирин куоһарар. Алмааһы хостооһуҥҥа аан дойдуга бастакы миэстэлээхпит, чоҕу уонна көмүһү хостооһуҥҥа Арассыыйаҕа иккиспит, ньиэби уонна гааһы хостооһуҥҥа бэһис миэстэлээхпит. Ол эрээри биһиги сүрүн баайбыт – төрөөбүт дойдубут чэчирии сайдарын туһугар сыралаахтык үлэлиир дьоммут.
Анал байыаннай дьайыы ыытыллар сиригэр-уотугар дойду интэриэһин көмүскүүр буойуннарбытыгар ураты эҕэрдэбитин тиэрдэбит. Саха Сирин уон түөрт буойуна Арассыыйа Дьоруойун үрдүк аатын ылла. Биһиги хас биирдии буойунунан киэн туттабыт. Аҕа дойдуну дьиҥнээх көмүскээччини иитэн таһаарбыт дьиэ кэргэннэригэр сүгүрүйэбит.
Ийэ дойдубут өстөөҕү кытта охсуһар кэмигэр, биһиги – Саха сирин элбэх омуктаах норуота – Улуу Арассыыйаны кытта биир тэҥҥэ иннин диэки баран иһэбит. Кыайыы, кырдьык уонна инники кэскилбит туһугар барытын тулуйуохпут диэн эрэллээхпин.
Быыбар биир кэлим күнүн түмүктэрэ өрөспүүбүлүкэ дьоно-сэргэтэ национальнай куттал суох буолуутун хааччыйар тумус суолталаах хайысханы уонна дойду Бэрэсидьиэнин туһаайыытын тула биир сомоҕо буоларын бигэргэттилэр. Арассыыйа Федерациятын Судаарыстыбаннай Дууматыгар быыбарга көхтөөхтүк кыттыбыт өрөспүүбүлүкэ бары олохтоохторугар истиҥник махтанабын.
Арассыыйаҕа Норуоттар сомоҕолоһууларын сыла уонна өрөспүүбүлүкэҕэ Култуура сыла биир ситимнээхтэр. Биһиги бүттүүн култуурабыт, култуурабыт утума, өрөспүүбүлүкэҕэ иллээхтик-эйэлээхтик олорор 135 норуот култуурата – бу барыта норуоттар сомоҕолоһууларын төрүтүнэн буолар. Атааннаһар дойдулар бу сомоҕону суох оҥоро сатыыллар, ол эрээри дойдубутугар Норуоттар сомоҕолоһууларын сыла уонна өрөспүүбүлүкэҕэ Култуура сыла биһиги күүспүтүгэр күүс эбэр.
Өрөспүүбүлүкэбит норуоттарын биир устуоруйата – 1945 сыллаахха Улуу Кыайыыны уһансыбыт эһээлэрбит, аҕаларбыт хорсун быһыылара – сомоҕолуур күүс буолан барыбытын ситимниир. Ол курдук, бу бырааһынньыктааҕы күннэргэ Дьокуускайга “Норуот уонна аармыйа быстыбат ситимнээхтэр” фашизмы утары IV Өрөспүүбүлүкэтээҕи форум ыытыллар. Бу форум бэтэрээннэри, ыччаты, кыттыылаахтары фашизмы утары охсуһууга сомоҕолуур. Биһиги күүспүт норуоттар сомоҕолоһууларыгар баарын Аҕа дойду Улуу сэриитэ дакаастаабыта. Бүгүҥҥү сорукпут – бу сомоҕону үйэтитии буолар.
Арассыыйа Федерациятын састаабыгар Сахабыт Сирэ үүнэр-сайдар өрөспүүбүлүкэ буоларын туһугар биһиги инникитин даҕаны бары күүспүтүн ууруохпут.
Күндү доҕоттор! Биир сомоҕо буоллахпытына биһигини ким да, туох да кыайбат. Биһиги кыайыахпыт! Хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ дьолу уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын. Бырааһынньыгынан! Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүнэн!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев
