Саха сиригэр үтүө баҕаларынан көмөлөһөр, социальнай суолталаах бырайыактары олоххо киллэрэр үтүө көмөһүттэр аҕыйаҕа суохтар. Биир оннук, кинилэри түмэр, “үрүҥ көмүс” үтүө көмөһүттэрэ түмсэр “Дууһалыын эдэрбит” киин баар. Онно 60 саастарыттан 80-нарыгар диэри саастаах үтүө көмөһүттэр 30 холбоһуктара киирэр. Бүгүн, сэтинньи 5 күнүгэр, Өксөкүлээх киинигэр, Фашизмы утары охсуһуу пуорумун чэрчитинэн, үтүө көмөһүттэр быыстапкалара турда.
Кинилэр анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан байыастарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр сыаллаах үтүө санаа аахсыйаларын ыыталлар, анал аптечкалары, комуфляж көстүүмнэри, ичигэс таҥастары тигэллэр, харысхаллары, блиндаж чүмэчилэрин оҥороллор, маастар-кылаастары ыыталлар, үбү хомуйууга марофоннарга кытталлар. Маны таһынан АБДь төннөр байыастары көрсөллөр, көмө оҥороллор, олохторун толук уурбут байыастар сырдык ааттарын үйэтитиигэ үлэлэһэллэр. Кинилэр Дьокуускайга эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыгар, нэһилиэктэригэр көхтөөхтүк үлэлииллэр.
“Байыастарбытыгар анаан араас малы-салы тигэбит: рюкзактары, плащ-балааккалары, наһыылкалары. Байыастар махталларын тутаммыт өссө кынаттанабыт”, -- диир “Якутия с тобой” хамсааһын волонтера Валентина Исакова. “Дууһалыын эдэрбит” “үрүҥ көмүс” волонтердар өрөспүүбүлүкэтээҕи кииннэрэ уопсастыбаннай холбоһуктары суудаарыстыбаннай уонна муниципальнай былаастары кытары ситимниир муоста баһыытынан бэркэ үлэлииллэр, гражданскай көҕүлээһиннэри олоххо киллэрэллэр.
Номнуо уон алтыс сылларын “үрүҥ көмүс” волонтердар “Сомоҕолоһуу” бырайыагынан үлэлииллэр. Бу бырайыак чэрчитинэн “Үтүө санаа бибилэтиэкэтэ”, “Үтүө санаа сарт иһитэ”, “Үтүө суруктар” курдук аахсыйалары тэрийэн ыыталлар, маны таһынан иринньэх оҕолорго аһымал көмөнү уо.д.а. ыыталлар.
Маны таһынан, социальнай суолталаах бырайыактары олоххо киллэрэллэр. Холобур, “Дьиэ кэргэн үгэстэрэ”, “Үтүө санаа кустуга”, “Үтүө санаа харыйата”. 2012 сылтан ыла кыаммат, элбэх оҕолоох ыалларга, ыарахан түгэҥҥэ түбэспит оҕолорго, ыалларга көмөнү оҥороллор, социальнай тулаайахсыйыы профилактикатыгар, чөл олоҕу тутуһууга ылсаллар. Волонтердар ыараханнык ыалдьыбыттарга, баһаартан, халаантан эмсэҕэлээбиттэргэ, аҥаардас аҕаларга көмөлөһөр сыаллаах “Сүрэхпит сылааһын – оҕоҕо”, “Алаас ахтылҕана”, “Сир ийэ алгыһа” аһымал кэнсиэртэри тэрийэн ыыппыттара. Ахсыс сылларын “Уһуйааччы уонна оҕолор” диэн бырайыагынан коррекционнай интэринээт оскуоланы кытары ыкса үлэлэһэллэр.
Дмитрий ИВАНОВ, хаартыска: “Дууһалыын эдэрбит” киин.
