Киир

Киир

Халаантан эмсэҕэлээбиттэргэ араас өрүттээх көмө оҥоһуллар. Эмсэҕэлээбит ыалларга хас да ыйдаах босуобуйаларын эрдэттэн биэрдилэр, оттон халаантан эмсэҕэлээбит Аҕа Дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар дьиэ өрөмүөнүгэр диэн 30-туу тыһ. солк. биэриэхтэрэ. Бу туһунан СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыытын миниистирэ Александр Михеев иһитиннэрэр.

Санатар буоллахха, Ил Дархан эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччу Айсен Николаев бастакы уурааҕа өрөспүүбүлүкэҕэ халаан содулун туоратыыга сыһыаннаах этэ. Онно кини бары эппиэттээх биэдэмэстибэлэргэ чопчу тугу гыныахтаахтарын ыйбыта. Онтон сиэттэрэн, эрэгийиэн үлэҕэ уонна социальнай сайдыытыгар министиэристибэтэ суһал көмө дьаһалларын ыытар. Халаантан эмсэҕэлээбит дьон быстах кэмҥэ олороллоругар пууннары тэрийбиттэр, инбэлиит, элбэх оҕолоох дьон, кырдьаҕастар олорор дьиэлэрин кэрийбиттэр.

Кинилэргэ ылыахтаах социальнай көмө харчыларын үс ыйдааҕыларын урутаан биэрдилэр (бэс ыйа-атырдьах ыйа). Ону кинилэр ылалларын-ылбаттарын бэйэлэрэ быһаараллар. Элбэх оҕолоох ыал оҕолоро Дьокуускайга “Виктория” оҕо сынньанар, чэбдигирэр лааҕырыгар сылдьыахтара. Ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит ыалларга материальнай көмө оҥоһуллуоҕа. Ол харчы кээмэйэ балаһыанньа хайдаҕыттан көрөн быһаарыллар. Маны таһынан, ПФРы кытары үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ көмөлөһөргө дьаһал ылыллар. Министиэристибэ үлэһиттэрэ уонна тэрилтэлэрэ 2,3 мөл. солк. харчыны халаан уутуттан эмсэҕэлээбиттэргэ ыытта.

Санааҕын суруй