Киир

Киир

Нэһилиэнньэ былаас уорганнарын туһунан социальнай ситимнэргэ тугу суруйарын хонтуруоллуур туһугар, Кириэмил “Инцидент менеджмент” диэн мониторинг (кэтээн көрүү) систиэмэтин үлэлэтэн эрэр.

Ол эбэтэр, «ВКонтакте», Facebook, Instagram, Twitter уонна «Одноклассники» диэн 5 сүрүн социальнай ситимҥэ эрэгийиэннэр олохтоохторо былаас ханнык дьайыытын утаран (сөбүлээн) ордук маассабайдык суруйалларын быһаарар буолуохтара, онно тиэмэлэринэн көрөн анар паапкалары арыйыахтара. Ол кэнниттэн администратор олору түмэ охсон олохтоох былаастарга тиксэриэҕэ. “Балаһыанньаны дириҥэппэккэ, хонтуруолланар таһымтан таһаарбакка, тута дьаһал ылалларыгар” анаан. Бу систиэмэни оҥорууга быһаччы кыттыгастаах биир исписэлиис эппитинэн, быйыл Кемеровоҕа “Зимняя вишня” диэн эргиэн киинигэр буолбут баһаар кэнниттэн, социальнай ситимнэр төһө эмэ былааһы үөхсүүттэн оргуйа турбуттарын үрдүнэн, былаас туох да дьаһалы ылбатаҕын түмүгэр “социальнай дэлби тэбии” тахса сыспыта үһү.

Билигин бу систиэмэни Арассыыйа 10 эрэгийиэнигэр боруобалаан көрө сылдьаллар.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар