Киир

Киир

Хоту улуустарга быйыл икки уһуйаан уонна түөрт оскуола тутуллан үлэҕэ киириэхтээҕин туһунан СӨ Арктика дьыалатыгар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ П.Николаев кэпсээтэ.

Ол курдук, уһуйааннар Өлөөн бөһүөлэгэр уонна Аллараа Халыма Черскэйигэр тутуллуохтаахтар. Итини сэргэ Аллайыахаҕа уонна Орто Халымаҕа эдэр исписэлиистэр олорор дьиэлэрэ киириэхтээх.

Тойон Николаев кэпсээбитинэн, итини таһынан барыта 665 миэстэлээх түөрт оскуола Аллайыаха Чокуурдааҕар, Булуҥ Күһүүрүгэр, Абый Абыйыгар уонна Орто Халыма Арҕахтааҕар дьэндэйиэхтэрэ.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар