Киир

Киир

 Ийэ буолуу дьолун билбит күн күбэй ийэлэри, сиэн туһугар күннэтэ түбүгүрэр элэккэй эбэлэри,далбар хотуттары,килбик кийииттэри Саха сирин Ийэлэрин күннэринэн итиитик-истиҥник ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!

Күн күбэй ийэлэр, эйэҕэс эбээлэр! Холумтаҥҥыт куруук сылаас буоллун, эһиэхэ уонна чугас дьоҥҥутугар дьаҥ-дьаһах сыстыбатын, ыарыы ыалласпатын.Туппуккут тупсан истин, күннээҕи түбүккүт истиҥ сыһыантан чэчирии сайыннын, аламай күҥҥүт сыдьаайа тыктын,алаһа дьиэҕитигэр дьол,таптал уйаланнын, ыччат дьоҥҥут ымыылаах буоллуннар,бэйэ бэйэҕэ өйөбүллээх буолуҥ,таптыыр,таптатар дьолун билиҥ,оҕолоргут, сиэннэргит ситиһиилэринэн кынаттанан,олоххут кэрэни эрэ кэрэһэлээтин,кэскили эрэ түстээтин,үөрүү үктэллээх,дьоллоох олох аргыс буоллун,дьол-соргу тосхойдун!

Эҕэрдэни кытары Ил Түмэн дьокутаата Мария Христофорова.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар