Киир

Киир

«Якутоптторг» хампаанньа хоту сытар улуустарга аһы-үөлү көтөр аалынан тиэрдэр.

Уопсайа 130 туонна аһылык тиэрдиллэрэ былааннанар.

Хампаанньа иһитиннэрбитинэн, сэтинньи 27 күнүгэр Черскэйгэ, Баатаҕайга, Ээйиккэ, Үрүҥ Хайаҕа, Орто Халымаҕа, Чокурдаахха, Өлөөҥҥө, Тиксиигэ 12 сырыы оҥоһуллубут. 47,5 туонна ас тиэрдиллибит. Бу былаантан 36 % буолар.

Нэһилиэнньэлээх пууннарга 0,7 туонна оҕо аһылыга, 9,5 туонна оҕуруот аһа, 4,1 туонна фрукта, 3,2 туонна халбаһыы, 1,3 туонна минньигэс ас, 10,4 туонна сымыыт, 1,9 туонна үрүҥ ас уонна 16,0 туонна хортуоска тиэрдилиннэ.

Ааспыт нэдиэлэ бүтүүтэ Баатаҕайга уонна Орто Халымаҕа 9 туонна ас тиийдэ. Булуҥ, Орто Халыма, Эбээн Бытантай, Өлөөн, Аллараа Халыма улуустарыгар сылдьарга эрэйдээх нэһилиэктэргэ таһаҕаһы  массыынанан тиэртилэр. Ол курдук, «Полярные авиалинии» хампаанньа бөртүлүөттэринэн Орто Халыма улууһун Березовка уонна Өлөөкө Күөл нэһилиэктэригэр 4,4 туонна ас тиэрдилиннэ.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар