Киир

Киир

Саҥа хотон Кыйы нэһилиэгэр тутуллан үлэҕэ киирдэ. Бас билээччи Тимофей Барбасытов “Арыылаах” бааһынай, фермердэр хаһаайыстыбалара. Бу туһунан СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Хаһаайыстыба 56 хороҕор муостааҕы уонна 107 сыспай сиэллээҕи иитэр. Сылга 1,8 туонна ынах уонна 11,2 туонна сылгы этин оҥорон таһаарар. Быйыл 250 туонна оту оттообуттар. Ону таһынан, хоту уонна чугас сытар улуустары 180 туонна сүөһү дороххой аһылыгынан хааччыйар.

Федеральнай бырагыраамма чэрчитинэн 120 миэстэлээх саҥа таас оскуола Дэбдиргэҕэ арылынна. Оскуола өтүүктэн саҕалаан чочуйар станокка, иистэнэр массыынаҕа, көмпүүтэргэ, интерактивнай дуоскаҕа таайэ наадалаах тэриллэринэн толору хааччыллыбыт.

СӨ Бырабыыталыстыбатын премьер-миниистирэ Владимир Солодов оскуола библиотекатыгар, Саха сирин суруйааччыларын уонна уопсастыбаннай диэйэтэллэрин 100 кинигэтин бэлэхтээтэ.

Ытык-Күөлгэ 50 миэстэлээх уһуйаан тутуллан түмүктэннэ. Саҥа уһуйаан өрөспүүбүлүкэтээҕи “Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ” үтүө дьыалалар хамсааһыннарын чэрчитинэн тутулунна.

Сэҥээриилэр

Heike
0 Heike 13.03.2023 07:02
Thank you for every other informative web site. Where else may I get
that kind of information written in such a perfect
approach? I have a project that I am simply now operating on, and I've been on the look out for such info.


Also visit my blog post Hair loss prevention tips: https://healthy-lifestylehub.blogspot.com/2023/02/managing-hair-loss-while-dealing-with.html
Ответить
Tawanna
0 Tawanna 02.04.2023 23:35
Hello, constantly i used to check weblog posts here early
in the morning, because i love to learn more and more.


Look at my webpage Vernon: https://affect-your-health.blogspot.com/2023/04/7-proven-ways-to-generate-passive.html
Ответить

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар