Киир

Киир

Бүгүн Сайсаар оройуонугар Ил Дархан Айсен Николаев “Ивушка” уһуйаан саҥа таас дьиэтин арыйда. Манна бассейн, эти-хааны эрчийэр киэҥ-куоҥ саал, муусука хоһо баар. Уһуйаан миэбэлинэн, туттуллар тэрилинэн толору хааччыллыбыт.  

“Бүгүн Дьокуускай куорат бүтэһик мас уһуйаана бары ирдэбиллэргэ толору эппиэттиир саҥа таас дьиэҕэ көстө. Манна оннооҕор бассейн баара киһини сөхтөрдө. Өрөспүүбүлүкэ инникитэ – үүнэр көлүөнэ билиҥҥитэ”, – диэн Айсен Николаев эттэ.

Ил Дархан инники ыйга өссө аҕыс социальнай эбийиэк үлэҕэ киириэхтээҕин иһитиннэрдэ. Ол курдук, “Айыы Кыhата” оскуола, 203 түөлбэҕэ уһуйаан, 25, 6 №-дээх оскуолалар, оҕо ускуустубатын оскуолата уонна   библиотека. 

“Биһиги бу күнү олус да өр күүппүппүт. Саҥа дьыл иннинэ оҕолорго маннык улахан бэлэх оҥорбут дьоҥҥо улахан махталбытын тиэрдэбит. Уһуйаан 240 миэстэлээх. Эргэ дьиэбитигэр биэс бөлөх баара, билигин манна 13 бөлөх буолуоҕа”, —  диэн СИА-ҕа уһуйаан сэбиэдиссэйэ  Любовь Краева кэпсээтэ.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар