Киир

Киир

Билигин Арассыыйаҕа нэһилиэнньэ төһө бырыһыана “дьадаҥытын” ким да чопчу билбэт. Ону ааҕар чопчу методика да суох. Ким эрэ “20 мөл.” диир, ким эрэ “36 мөл.”, кимнээх эрэ “дойду 50-60 бырыһыана – дьадаҥылар” диэн суруйаллар. Холобур, “Арассыыйа элбэх оҕолоох ыалларын 50 бырыһыана -- дьадаҥылар” диэн былаас бэйэтэ официальнайдык билинэр.

РФ вице-премьерэ Татьяна Голикова дойдуга “дьадаҥы буолуу” таһымын быһаарыыга аныгылыы ыстандаарка олоҕурар наадатын этэр. Ол курдук, билигин дьадаҥыны быһаарарга киһи дохуота тииһинэн олоруу алын кээмэйигэр төһө дьүөрэлэһэринэн ааҕыллара. Оттон сайдыылаах дойдулар ыстандаартарыгар киһи туох баайдааҕа, сөбүлээбит аһылыгын атыылаһар кыахтааҕа, уурунуу харчыта, доруобуйатын туруга, уопсастыбаҕа миэстэтэ, оҕолорун сайдыылара уонна үөрэхтэрэ, олорор дьиэтэ-уота уо.д.а. барыта учуоттанар.

Үлэ министиэристибэтин иһинэн тэриллибит оробуочай хамыыһыйа ону ааҕыы методикатын 2020 сылга диэри оҥорон биэриэхтээх. Быһата, ааҕыы оннук ньыманан ыытыллар буоллаҕына, дьадаҥы дьон ахсаана өссө хаҥыыра буолуо...

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар