Киир

Киир

А.Е. Слепцов аатынан Абый орто оскуолатын саҥа дьиэтин үөрүүлээх арыллыыта буолан ааста. Эбийиэги туттарыыга “Алроса” хампаанньа үүнэр көлүөнэ пуонда нөҥүө 332 мөл солк үбү көрбүт. Олортон 9 мөл солк оскуола таһынааҕы сири тупсарыыга туттуллубут.

 Саҥа оскуола 90 миэстэлээх, икки этээстээх, таас, успуорт уонна аактабай саалалардаах, остолобуойдаах. Саҥа миэбэллэринэн толору хааччыллыбыт, физика уонна химия уруоктарыгар лабораторнай үлэлэри оҥорорго туттуллар кырааннаах паарталардаах.

Саҥа оскуола эбэтэр уһуйаан үлэҕэ киирэрэ куруук олус үөрүүлээх түгэн буолар. Абый курдук ыраах сиргэ маннык тупсаҕай тутуулаах оскуола дьиэтэ дьэндэйбитэ олохтоохторго улахан үөрүү. Биһиги хампаанньабыт маннык бырайыактарга кыттара улахан суолталаах. Ыраах сытар улуустарга оҕолор дьоһун үөрэҕи ылалларыгар көмө буолар”, — диэн “Алроса” хампаанньа генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Алексей Дьячковскай эттэ.

Санатабыт, “Алроса” хампаанньа үбүлүүр социальнай эбийиэктэрин үүнэр көлүөнэ пуондата туттарар.

Санааҕын суруй