Киир

Киир

“Алроса мэдэссиинэ киинэ” диэн аатынан биллэр тэрилтэ састаабыгар киирэр Кэмпэндээйитээҕи соноторуойга олохтоох дьон үлэлииллэр. Бу сонотуоруй “Алроса” үлэһиттэрин удамыр сыанаҕа эмтиир, сынньатар.

 Арассыыйаҕа аатырбыт сонотуоруйдартан туох да уратыта суох. Манна  физиотерапия, илбийии, уфо-кислородотерапия көмөтүнэн уонна Кэмпэндээйи эмтээх бырыытынан араас ыарыылары көдьүүстээхтик эмтииллэр. Ону таһынан, астма ыарыылаахтары тууhунан эмтииллэр, Мохсоҕоллоох күөлүгэр уонна Кэмпэндээйи үрэҕэр сөтүөлэтэллэр, араас эмтээх оттоох утахтары, чэйдэри иһэрдэллэр.

1

Хас биирдии палаатаҕа тэлэбиисэр, сынньанар саалаҕа успуорт   тренажердара бааллар. Сонотуоруйга кэлэн сынньаммыт дьон, Кэмпэндээйи айылҕатын астынан ахан барааччылар. Эмтээх ваннаҕа сытан, физиотерапия ылан эттэрин-сииннэрин чэбдигирдэллэр. Сынньанааччылар тото-хана аhыы-аhыы саахыматтаан, дуобаттаан, бильярд оонньоон олус сэргэхсийэн бараллар.

2

Манньата 21 хонукка – 10 100 солк. Амбулаторнай эмтэнии 21 хонукка – 2000 солк.

Кыайан оҕоломмот эдэр дьахталлар кэлэллэр эбит. “Атын сирдэргэ эмтэнэ сатаан баран кыайан оҕоломмотох уон дьахтартан аҕыhа биhиэхэ эмтэнэн баран ийэ буоллулар”, – диэн дириэктэри солбуйааччы Лена Семенова   киэн тутта кэпсээтэ.

Манна алмаасчыттары таhынан атын тэрилтэлэртэн, улуустартан кэлэн   сынньаныахтарын сөп. Путевка сыаната 21 хонукка – 50 350 солк.

4

Үлэһиттэр сонотуоруйга кэлбит хас биирдии киһи хаачыстыбалаах эмтэниини ыларыгар уонна усулуобуйа өссө тупсарын туһугар үлэлииллэр.

Хомойуох иһин, бу сыл сонотуоруй үлэтигэр соччото суохтук саҕаланна. Ол курдук, тохсунньу ыйга тохтоон олордулар. Олунньуга эрэ барбах үлэлээтилэр. Оттон, кулун тутар 13 күнүгэр улахан тохтобул иннинэ Миирнэйтэн бүтэһик бөлөх кэлбитэ. Муус устар 3 күнүттэн Кэмпэндээйи сонотуоруйа уһун тохтобулга барар буолла. Ыһыахтар саҕана эрэ аһыллыахтаахтар. Уонна алтынньыга, сэтинньигэ, ахсынньыга эмиэ үлэтэ тохтуур буолла.

Станислав Алексеев, Миирнэй к., ааптар хаартыскалара

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар