Киир

Киир

Ыам ыйын 13 күнүгэр дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арктика састаабыгар Саха сирин аҕыс оройуона: Абый, Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Жиганскай, Муома, Өлөөн, Орто Халыма уонна Эбээн-Бытантай киирэллэрин туһунан ыйаахха илии баттаата.

Бу туһунан социальнай ситимҥэ Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ: “Өр сыллар тухары туруорсубут боппуруоспут быһаарыллан олоххо киирбитинэн эҕэрдэлиибин! Бүгүн дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арктика састаабыгар Абый, Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Жиганскай, Муома, Өлөөн, Орто Халыма уонна Эбээн-Бытантай улуустара киирэрин туһунан ыйаахха илии баттаата. Онон бу улуустарга Аллайыахаҕа, Анаабырга, Булуҥҥа, Аллараа Халымаҕа уонна Усуйаанаҕа курдук Арктиканы сайыннарыы бырагырааммалара үлэлиэхтэрэ. Саха сирин олохтоохторун аатыттан дойду бэрэсидьиэнигэр өйөбүлүн иһин   махтанабын. Бу быһаарыныы Арктика сирэ тэтимнээхтик сайдарыгар төһүү күүс буолуо диэн эрэнэбин”.

Санааҕын суруй