Киир

Киир

Быйыл сайын устата АЛРОСА үлэhиттэрин 4 тыh тахса оҕолорун сынньатар сорук турар. Мииринэй оройуонугар уонтан тахса сынньанар-чэбдигирдэр Кииннэр (лааҕырдар) үлэлиэхтэрэ.

Оччугуй Ботуобуйа үрэх кытылыгар (Арыылаах сэлиэнньэтиттэн арҕаа) “Орленок” оҕолору чэбдигирдэр Киин 7-тэн 14-гэр диэри саастаах оҕолору сылын ахсын сынньатар. Оччугуй Ботуобуйа уутугар сөтүөлээн, араас оонньуур аттракционнарга көрүлээн, успуордунан дьарыктанан оҕолор сайыны умнуллубаттык атаараллар. Быйылгы сезоҥҥа 60 чаастаах английскай тылы үөрэтии куруһуога аанын тэлэччи аһыаҕа. Чэбдигирдэр Киин быйыл  буоларын курдук үс симиэнэнэн, бэс ыйын 20 күнүттэн атырдьах ыйын бүтэһигэр диэри үлэлиэҕэ. Алмаастаах хампаанньа үлэhиттэрэ оҕолорун сүүрбэ биир күн “Орленокка” сынньаталларыгар баара-суоҕа 15 тыһ солк төлүүллэр. Оттон атын тэрилтэлэргэ үлэлиир дьоҥҥо төлөбүр 50 тыһ солк.

 Станислав Алексеев, Мииринэй куората.

 

Санааҕын суруй