Киир

Киир

Балаҕан ыйын 27 күнүгэр Чурапчы улууһун киинигэр 98 миэстэлээх “Мичил” уһуйаан саҥа дьиэтэ арыллыа.

Саҥа эбийиэк “Демография” национальнай бырайыак чэрчитинэн, федеральнай бүддьүөттэн үбүлэнэн тутуллубут. Бу туһунан бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Уһуйаан эргэ мас дьиэҕэ үлэлээбит. Биир этээстээх саҥа дьиэ 1300 кв м иэннээх. Бастакы сыбаайата бу сыл олунньу ыйыгар түспүт. Кылгас болдьох иһигэр тутуллан олоххо киирбит.

Саҥа уһуйааҥҥа муусука уонна успуорт саалата, икки веранда, ону таһынан, логопед, психолог, быраас хосторо бааллар. Оҕо бары өттүнэн сайдарыгар наадалаах тэрилинэн толору хааччыллыылаах”, – диэн иһитиннэриигэ суруллар. Уһуйааҥҥа уочарат суох буолбут.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар