Киир

Киир

Сунтаартан Бордоҥнуур, салгыы Тэҥкэлиир суол быйыл аанньа өрөмүөннэммэтэ.

Ааспыт сайын бу нэһилиэктэргэ барар суолга тилэри, санаа курдук буор кутуллубата, грейдерынан дэхсилэммэтэ. Эбии эттэххэ, күргэлэр туруктара отой мөлтөх. Илимниир аннынааҕы үрэх күргэтин, эмэхсийэ аҥайбыт мастарын, бэрт үгүс үҥсүү кэнниттэн уларытан син өрөмүөннээтилэр. Бордоҥ уонна Тэҥкэ икки ардыларыгар суол бу хаартыскаҕа көстөрүн курдук. Толоон, Куруҥ Балаҕан, Бэттиэмэ аттыларыгар айаны харгыстааччы – ууну дьалбарытар тулааhын-тирэх ситэтэ суохтар. Көрүллүбэт-харайыллыбат суол энчирии, алдьана турар. Сунтаар улууһун суолун оҥорооччулара маны болҕомтоҕо ылаллара уолдьаста.

Станислав Алексеев, Мииринэй к., бассаап хаартыската.

Санааҕын суруй