Киир

Киир

Кыһыҥҥы Оччугуй Ботуобуйа үрэх бэтэрээ биэрэгэр быраҕыллыбыт МУАД бөһүөлэгэ дьэ “уһуктубут”. Ханна эрэ түгэххэ буруо унаарыйар. Үрэх уҥуор Сунтаардыыр суолга тиэхиньикэ субуллан олорор.

Быйыл күһүн үрэхпитигэр понтуон букатын хойукка диэри турда. Понтуону хомуйбакка кыстата хааллардылар. Хаартыскаҕа ол көстөр. Аны саас Оччугуй Ботуобуйа мууһа понтуону тоҕо анньара чуолкай. Онтон Эбэ хара тыатыттан ыла халааннаатаҕына, эмиэ үрэҕи оҥочонон туоруур дьаабы буолар чинчилэннэ.

МУАД понтуону хомуйа охсор кыахтаах этэ да, Оччугуй Ботуобуйа үрэҕэр күргэни тутааччы “ВССМ” тэрилтэ, онто суох кыайан үлэлээбэт буолан тахсыбыт. Понтуон хомуллубатах буолан хата айанньыттар ааспыт күһүн абыраннылар. Үрэҕи туоруур сири сэргэ Оччугуй Ботуобуйа күргэтин тутуутун үлэтэ бара турар.

Үрэх бэтэрээ халдьаайытыгар богуончуктар тураллар. Оттон суол “чанчыгар” ууруллуохтаах күргэ элээмэлэрэ сыталлар. Тиэхиньикэ, дьон дэлэй. Тутууга сотору-сотору 20-чэ туонна уйуктаах КАМАЗ-тар буор көһөҥөтүн тиэйэн аҕалан сүөккүүллэр. Эһиил алтынньы 31 күнүгэр “РНГ” бэдэрээттээх тэрилтэтэ “ВССМ”, Оччугуй Ботуобуйа үрэҕин туоруур 191 миэтэрэ усталаах, үс систээх, икки биэрэстэ киирии аспаал суоллаах күргэни дьэндэтэбин диэн биллэрэр.

 cetinnibytyyte

kamaztar

byorykyttayle

novaimyad

tytyybaratyrar

yrexynyor

Станислав Алексеев, Мииринэй куората. Ааптар хаартыскалара.

Санааҕын суруй