Өймөкөөн улууһун Күбэмэ нэһилиэгиттэн Орто-Балаҕаныгар диэри ВОЛС (оптоволокно) тардылынна. Бу туһунан СӨ инновация министиэристибэтин пресс-сулууспата “НПО ”Импульс” ХЭУ сигэнэн иһитиннэрэр.
“Бу күҥҥэ Өймөкөөн улууһун сэттэ нэһилиэгэ ВОЛС-ка холбонно”, – диэн иһитиннэриигэ суруллар.
Бу сылга Үчүгэй, Томтор, Аэропорт, Орто-Балаҕан, Куйдуһун нэһилиэктэрэ холбоннулар. Уопсайа 350 км хаабыл ууруллубут. Аны Томтор — Кураанах Салаа — Кадыкчаан хайысханан тардыллара былааннанар. Ону таһынан, ВОЛС тутуута уонна Өймөкөөн, Төрүт нэһилиэгэ холбоноллоро былааҥҥа баар.
““Импульс” хампаанньа Дьокуускай – Магадан хайысханан ВОЛС линиятын тардыыта, сибээс уобалаһыгар биир саамай улахан бырайыак буолар. Олохтоохтор сыыппара өҥөтүн барытын туһанар кыахтаналлар”, – диэн СӨ Инновацияҕа, цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникация технологиятыгар миниистири солбуйааччы Евгений Макаров иһитиннэрэр.
Санатар буоллахха, “НПО ”Импульс” ХЭУ КМ-180 сибээс магистральнай линиятын устатынан бэйэтин үбүнэн ВОЛС линиятын тардар.