Киир

Киир

Уһук Илиҥҥэ 2 %-наах ипэтиэкэ бырагыраамматыгар кыттар бааннар элбии тураллар. Билиҥҥи туругунан 14 баан кирэдьиит биэрэр.

 Ол курдук,  Сбербаан, ВТБ, АТБ, ДОМ.РФ баан, Уһук Илиҥҥи баан  уонна олунньу ыйтан  бу бырагырааммаҕа “ФК Открытие”, “Восточный”, “Долинск”, Газпромбаан, Росбаан, Россельхозбаан, Промсвязьбаан, Совкомбаан уонна Алмазэргиэнбаан киириэхтэрэ.

Уһук Илиҥҥи уокурук 11 эрэгийиэнигэр аччаабыта үстүү баан 2 %-наах ипэтиэкэҕэ сайаапка ылаллар. Бырагырааммаҕа бөдөҥ федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи бааннар киирдилэр”, – диэн Уһук Илиҥҥэ киһи хапытаалын сайыннарар ааҕыныстыба генеральнай дириэктэрэ Сергей Ховрат кэпсиир.

Бааннар испииһэктэрэ “ДОМ.РФ” саайтыгар баар. Бырагыраамма туһунан сиһилии 8(800)301-54-45 нүөмэргэ эрийэн билсиэххитин сөп.

ysia.ru/

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар