Киир

Киир

Таатта улууһун Баайаҕа нэһилиэгэр уһуйаан, этнокултуурунай киин уонна спортивнай комплекс тутуллаллар. 80 миэстэлээх уһуйаан 30 % тутуллубут. Быйыл үлэҕэ киирэрэ былааннанар.

Томторго этнокултуурунай комплекс тутуута Борис Фёдорович Неустроев-Мандар Уус 75 сааһын туолар үбүлүөйдээх тэрээһинин чэрчитинэн былааннанар. Бу комплекс үс эбийиэктээх: “Моҕол ураһа”, “Уус түмэлэ” уонна саха балаҕана. Томторго спортивнай комплекс 2014 сылтан тутуллан саҕаламмыт. “Сахам сирэ XXI үйэҕэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи үтүө дьыала хамсааһынын чэрчитинэн тутуллубут. Үбүлээһинэ 27 мөл тахса солк. Ол иһигэр өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн – 13 мөл 750 тыһ солк, Таатта улууһун бүддьүөтүттэн – 4, 5 мөл солк, Баайаҕа нэһилиэгин бүддьүөтүттэн – 8 мөл 880 тыһ солк көрүллүбүт. Билиҥҥи туругунан тутуу үлэтэ 40 % бүппүт. Быйыл үлэҕэ киирэрэ былааннанар.

yakutia24.ru/

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар