Киир

Киир

Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн “соххор” да кэппиэйкэни ылбат, соҕотох нэһилиэккэ муҥ саатар биирдэ күттүөннээх өйөбүл оҥоһуллуо дуо?

Улахан Ботуобуйа дьоно хайдах олороҕут?

Мөлүйүөнү кыайбат нэһилиэнньэлээх Сахабыт сирэ, арҕааҥҥы оройуоннарга сир баайын түүлэһиитин суотугар эрэ аһаан-сиэн олорор. Мииринэйтэн, Ленскэйтэн уратылар бүддьүөттэн уонна бүддьүөтү таһынан пуондалартан “аҕал, кулу, биэриэхтээххит” эрэ дии олорор улуустар. Мииринэй оройуона Өрөспүүбүлүкэ хааһынатын 25 % тосхотооччу буолар. Оттон Мииринэй оройуонун “Ботуобуйа” нэhилиэгэ (Таас-Yрэх) Саха сирин бүддьүөтүгэр, трансферт быhыытынан сыллата балтараа мөлүйүөн солкуобайы киллэрэ олорор. Датаассыйа ылбат нэһилиэк бүддьүөккэ үп-харчы үтэлээһинэ, икки-үс мөлүйүөн буоларга иһэр. Бу – 420 киһи олорор дэриэбинэтэ.

Маннык үп-харчы киириитэ нэһилиэк сиригэр-уотугар баар ньиэп-гаас тэрилтэлэрин кытары “түүлэhииттэн” тосхойор. Нэhилиэккэ ньиэп-гаас бырамыысалынаһын барылларын-тосхоллорун “олоххо киллэрбитэ” ыраатта. “Газпромтан”, “Сургутнефтегаастан”, “Иркутскайдааҕы ньиэп хампаанньатыттан” уонна “РНГ-тан” балысханнык нолуок киирэр буоллун, Таас-Yрэх да көнүө этэ.

taasyrexdalbardara

Саха сиригэр модун кыахтаах, үптээх-астаах ньиэптэр уонна гаастар улахан нолуок төлөөбөттөр. Билигин Орто Ботуобуйатааҕы углеводородтаах сиргэ 5 мөл туонна ньиэп, 160 млрд кууп гаас хостонор. Гаас Таас-Yрэхтэн Мииринэй оройуонун нэhилиэнньэлээх пууннарыгар тиэрдиллэр. Гаас утумун уhуна – 623 биэрэстэ. Бу гаастан Айхал уонна Удачнай алмаас хостуур эбийиэктэрэ, куорат инфраструктурата туhана олорор. Гаас уматыга суох оройуон, бырамыысалынас хайдах да сатамматтар. Бэйэтэ гаастаах буолан Мииринэй оройуона кимтэн да тутулуга суох.              

Орто-Ботуобуйаттан кэлэр гаас уматыгыттан Мииринэй оройуонун хочуолунайдара үлэлииллэр. Таас-Yрэх маннык эппиэттээх бырамыысалынастаах сири сайыннарыах да эбиттэр. Уһуйааны тутан бүтэрбиттэригэр баһыыба уонна тупсаҕай тутуу аҕыйах. Улахан сайдыы кэлэ илик. Таас-Yрэххэ нэһилиэнньэ эбиллиитэ суох. Эдэрдэр мантан барар эрэ ааттаахтар. Таас-Үрэххэ баар “Новай” сопхуос салаата (“АЛРОСА”) 2019 сыллаахха эстибитэ. 212 торбоһу уонна субай сүөһүнү көрөр дьону үлэлэриттэн уураппыттара.

cyolykebiretii

Гаас үрдүгэр олорон оһоҕунан оттуу

Кэккэ сыллар усталара Таас-Yрэххэ олорор дьиэлэргэ, гаас уматыгын киллэрии уhуннук-унньуктаахтык дьону эрэйдиирдии барда. Олорор дьиэлэргэ гаас киллэрии билигин да букатыннаахтык түмүктэнэ илик.

2021 сылга Таас-Үрэххэ гаас факела умайбыта сүүрбэ сылын туолуоҕа. Оттон гаас уматык сылааhын, абыраллааҕын сорох дьон олох да билэ иликтэр. Бу олус хомолтолоох. Гаас үрдүгэр олорон Таас-Yрэх сүгүн гаастаммакка олорбута ыраатта. Тоҕо диэтэххэ, Таас-Yрэх гаастанарыгар аналлаах үбү-харчыны Горнай, Хаҥалас улуустарын дэриэбинэлэрин гаастааһыныгар утааран, олохтоохтору “кураанаҕы куустарбыттара”. Мииринэй оройуонун дьаһалтата бу сытыы боппуруоска, туох да боччумнаах үлэни ыыппата. Таас-Yрэххэ бырабыыталыстыба социальнай хабааннаах эбийиэктэри аанньа туттарбат. Тоҕо эрэ бу сир дьиҥ кыһалҕатын тумнар, туоратар.

Таас-Үрэх ньиэп-гаас туоната, Үлэ миэстэтэ

Манна эбии бу сэлиэнньэ бырамыысалынай суолтатын бэлиэтээн туран, сахалар үлэлии тиийэллэрэ буоллар диэн киччэм санаалаахпын. Ону баара сахалар Таас-Үрэххэ үлэлии соччо тиийбэттэр. Тыһыынчанан баахта дьонун ордук Иркутскайтан кэлбит дьону Таас-Үрэххэ тиэйэллэр. Оттон Таас-Үрэх эдэр, эрчимнээх дьону күүтэр. Таас-Үрэххэ “Роснефть” тэнийэн бүтүн баахта куоратын тутта. Ыччат Таас-Yрэххэ кэлэн үлэлиэн наада. Манна идэтийбит тэхиньиичэскэй эрэсэрээттээх эдэр дьон үрдүк хамнастаах үлэлээхтэр. Идэтийиитэ суохтар хамнастара оччугуй. Гаас утумун силиэсэрэ, сыбаарсык, электрик, монтажник идэлээх буоллаххына үлэ булар кыахтааххын. Таас-Yрэххэ ньиэпкэ-гааска баахта үлэтэ сайдар. Үксүн соҕуруу дойдулартан кэлэллэр.

loxtooxyccat

Бу нэhилиэккэ өтөрүнэн сабыллыы суоhаабат. Таас-Yрэхтэн гааhа суох оройуоммут харгыстанар туруктаах. Бу кэскиллээх нэһилиэги  Саха сирин бырабыыталыстыбата сайыннарара уонна “Газпром”, “РНГ”, “ИНК”, “Сургутнефтегаз” тэрилтэлэргэ, саха дьоно маассабайдык үлэлииллэрэ буоллар диэн ыра санаабын ыhыктыбаппын.

Быйыл Таас-Үрэх төрүттэммитэ 125 сылын туолар

Үбүлүөйүнэн ситимнээн Өрүспүүбүлүкэ Таас-Үрэххэ дьиэлэри гаастааһыны тиһэҕэр тиэрдэргэ көмөлөһөрө буоллар диэн баҕа санаа баар. Маны сэргэ, дьэ, кэмниэ-кэнэҕэс Таас-Үрэххэ оптика-волоконнай Интэриниэт хаабыла тардыллара күүтүллэр. Бу олоххо киирдэҕинэ нэһилиэк олоҕо арыый да сэргэхсийиэ этэ. Уопсайынан, Саха сирин саламтата бу кырыыба сиргэ, дуоннаах болҕомто уурара буоллар диэн этэ-тыына сатаабытым ыраатта.

 

Станислав Алексеев, Мииринэй куората. Ааптар хаартыскалара.  

 

 

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар