Киир

Киир

Хаҥалас улууһун дьаһалтатын үлэһиттэрэ уонна салайааччы Федор Борисов Булгунньахтаах нэһилиэгэр сылдьан, 100 миэстэлээх саҥа уһуйаан тутуутун боппуруоһун көрдүлэр.

Дэлэгээссийэ I Малдьаҕар нэһилиэгин дьаһалтатын кытта мунньахтаата. Ону таһынан, эргэ эбийиэктэри уонна уһуйаан тутуллуохтаах сирин көрдүлэр. Бу күннэргэ бырайыактыыр-көрдүүр үлэҕэ куоҥкурус биллэриллиэҕэ. Улуус салалтатын ирдэбилинэн, икки мэндиэмэннээх, таас, сааллардаах, хостордоох эбийиэк тутуллара былааннанар.

Санатар буоллахха, олохтоохтор бу боппуруоһу сыл аайы көтөҕөллөр. Билигин манна “Кэрэчээн” диэн биир эрэ уһуйаан икки дьиэнэн үлэлии турар.

ysia.ru/

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар