Киир

Киир

Чопчута, балаҕан ыйын 13 күнүгэр, Саха сирин сорох нэһилиэктэригэр, улуустарыгар муниципальнай таһымнаах быыбар ыытыллар.

Дьокуускай уокуругуттан саҕалыыр буоллахха, куорат Киин, биир мандааттаах, 7-с №-дээх уокуругар биир дьокутааты талыахтара. Үс улууска – Аммаҕа, Сунтаарга уонна Хаҥалас улууһугар – баһылыктарын быыбардыахтара.

Үөһээ Халыма, Үөһээ Дьааҥы, Өймөкөөн уонна Томпо улуустааҕы мунньахтарыгар дьокутааты талыы эбии быыбара тэриллиэ.

Таатта улууһун – 12, Сунтаар, Хаҥалас улуустара – 9-туу, Орто Халыма 8 нэһилиэгэ баһылыктарын талыахтара. Ону тэҥэ Амма улууһа – 7, Бүлүү – 6, Алдан уонна Мэҥэ Хаҥалас – 5-тии, Өймөкөөн уонна Өлүөхүмэ – 4-түү, Абый, Уус Алдан уонна Горнай – 3-түү,Үөһээ Халыма, Үөһээ Дьааҥы, Кэбээйи, Аллайыаха, Чурапчы, Эбээн Бытантай уонна Мииринэй – 2-лии, оттон Нерюнгри уонна Аллараа Халыма, Ньурба, Усуйаана улуустарыгар – 1-дии нэһилиэккэ баһылыктарын талыахтара.

Ону таһынан бу күһүн өрөспүүбүлүкэ кэккэ нэһилиэгин уонна улуустарын мунньаҕар дьокутааттары талыы уонна эбии талыы былааннанар.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар