Киир

Киир

Аан Дойдутааҕы доруобуйа харыстабылын тэрилтэтэ (ВОЗ) КОВИД-19 кутталлаах ыарыыттан сылтаан Европа дойдуларыгар алтынньы-сэтинньи ыйдарга дьон өлүүтэ улаатыа диэн сылыктыыр.

 "Балаһыанньа эмискэ уустугуруо. Алтынньыга уонна сэтинньигэ бу хоруона хамсыгыттан сылтаан дьон өлүүтэ өссө улаатыаҕа", -  диэн ВОЗ Европатааҕы региональнай бюротун дириэктэрэ Ханс Клюге иһитиннэрбит. Билигин Европа дойдуларыгар хоруона хамсыгын иккис долгуна турбут. Онон кэлэр ыйдарга дьон өлүүтэ улаатыан сөп диэн сылыктыыллар эбит.

Хопкинс университета аан дойдуга балаҕан ыйын 14 күнүнээҕи туругунан хоруона хамсыгыттан сылтаан номнуо 922 525 киһи өлбүтүн, 28 мөл. 892 тыһ. 810 киһи ыалдьыбытын туһунан суруйар. АХШ, Бразилия, Индия, Мексика, Британия, Италия, Франция, Перу, Испания, Иран, Колумбия, Арассыыйа ыарыы тарҕаныытыгар инники күөҥҥэ сылдьаллар.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар