Киир

Киир

“Полярные авиалинии” авиахампаанньа бүгүн Дьокуускайтан Тиксиигэ уонна Сааскылаахха көтөр эриэйсэлэрэ күн-дьыл туругунан сибээстээн тохтотулуннулар диэн хампаанньа пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Тиксиигэ көтүөхтээх сөмөлүөт тиийиэхтээх сиригэр намыһах былыттааҕынан уонна туораттан үрэр күүстээх тыаллааҕынан (сөкүүндэҕэ 20 миэтирэҕэ тиийэр түргэннээх) көппөт буолла. Оттон Сааскылаахха бэҕэһээҥҥиттэн күүстээх хаар уонна намыһах былыт бүрүллэн эмиэ көппөккө турар. Дьокуускайтан Ньурбаҕа уонна Сунтаарга көтөр эриэйсэ бириэмэтин аэропуорт таблотугар сыыһа ыйбыттар, эрдэттэн болдьоммут чааһыгар көтүөҕэ диэн пресс-сулууспа суруйар.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар