Киир

Киир

Өрөспүүбүлүкэҕэ 2013 сылтан былырыыҥҥыга диэри быраас ахсаана 246 киһинэн улааппыт (5%),  мэдиссиинэ орто персонала – 136 киһинэн (1,2%).

“2018 сыл тохсунньу 1 күнүгэр Саха сирин доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр уопсайа 4 826 быраас уонна 11 130 орто мэдиссиинэ персонала үлэлиир. 2016 сылтан ыла быраас ахсаана эбиллэ турар – 163 саҥа быраас тахсыбыт. Нэһилиэнньэ бырааһынан хааччыллыыта 1,6% улааппыт 48,4-тэн 50,0 буолбут”, - диэн миниистир Охлопков этэр.

Маны таһынан, тыа сиригэр үлэлиир быраас ахсаана улаатар. Былырыын 2013 сылга холоотоххо 32 бырааһынан эбиллибит (3,6%.)

Онколог быраастар ахсааннара 51 киһинэн улааппыт, неврологтар – 170, анестезиологтар – 276, УЗИ быраастара – 149 киһинэн элбээбиттэр.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар