Киир

Киир

Кытай Шаньдун провинциятын олохтооҕо Гуй Цзюньмин тыҥа араага буолан өлбүт ойоҕун өлүгүн тоҥорон “кэнсиэрбэлээн” кэбиһэргэ быһаарынна.

Кини ойоҕо өлүөн иннинэ “эн өлбүтүҥ кэннэ өлүккүн криогеннаах резервуарга уган тоҥорон кэбиһэрбэр сөбүлэҥҥин биэрэҕин дуо? Кэлин мэдиссиинэ сайыннаҕына, өлбүт киһини тилиннэрэр кыах көһүннэҕинэ, эйигин тилиннэрэр курдук...” диэн ыйыппыт. Өлөөрү сытар дьахтар, саҥарар кыаҕа суох буолан, кини илиитин ыга тутан сөбүлэҥин биэрбит.

Дьахтар өлбүтүн кэннэ, исписэлиистэр тута саба түһэн, 55 чаас устата сыралаһан, кини өлүгүн тоҥорууга бэлэмнээбиттэр. Кини өлүгэ анал иһиккэ, -196 кыраадыстаах, 2 тыһ. лиитирэлээх убаҕас азокка 50 сыл сытыахтаах.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар