Киир

Киир

Култуура миниистирэ Юрий Куприянов бүгүн Аудивизуальнай нэһилиэстибэ национальнай киинин кэллэктиибигэр соторутааҕыта СӨ Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтин салайан олорбут Степан Москвитины саҥа салайааччы быһыытынан билиһиннэрдэ.

 Бу иннинэ аудивизиульнай киини салайан олорбут Бэргэн Парников күн сириттэн күрэммитэ. Онон тэрилтэ салайааччыта суох олорбута. Кини оннутугар урукку өттүгэр үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирин солбуйааччытынан, 2016 сылтан ыла нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн олорбут Степан Москвитин буолла.

 

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар