Киир

Киир

Бэс ыйын 1 күнүттэн Арассыыйаҕа суол быраабылатыгар саҥа уларыйыылар киириэхтэрэ. Инньэ гынан, дьыл кэмигэр сөп түбэспэт сайыҥҥы эбэтэр кыһыҥҥы эрэһиинэнэн айанныыр суоппардары ыстырааптыыр буолуохтара.

“Бэс ыйыттан атырдьах ыйыгар дылы хатыылаах эрэһиинэлээх айанныыр бобуллар. Бу көлө бары көрүҥнэригэр сыһыаннаах. Ахсынньыттан олунньуга дылы кыһыҥҥы эрэ эрэһиинэ көҥүллэниэҕэ. Бу ирдэбил В категорияннан ыытыллар көлө көрүҥнэригэр сыһыаннаах”, - диэн Таможеннай сойуус техническэй регламенын 5.5 пуунун 8 сыһыарыытыгар ыйыллар.

Маны тутуспатах суоппардары “Управление транспортным средством при наличии неисправностей или условий, при которых эксплуатация транспортных средств запрещена” диэн ыстатыйаанан 500 солк. накастыахтара.

Бу иннинэ Госдумаҕа итирэн баран хаста да хос уруулга олорбут уонна саахалы таһаарбыт суоппардар массыыналарын судаарыстыба туһатыгар былдьыырга диэн сокуон барылын киллэрбиттэрэ.