Киир

Киир

 

«Якутия 24» тэлэбиидэнньэ ханаалын сүрүннүүр эрэдээктэрэ Алексей Соколов бэйэтин баҕа санаатынан пуоһуттан уурайан эрэр.

«Уурайан эрэбин. Сынньаныам, дьиэ кэргэммэр болҕомтобун ууруом, онтон салгыы көстөн иһиэ», - диэтэ Соколов.

Алексей Соколов » тэлэбиидэнньэ ханаалын сүрүннүүр эрэдээктэринэн 2017 сыллаахха анаммыта.

«Түөрт сыл аннараа өртүгэр бэйэм иннибэр турбут сыалы-соругу ситиспитинэн ааҕабын. Хамаандабын кытары «Якутия 24» тэлэбиидэнньэ ханаалын олоххо киллэрдибит. Билигин бу дойдуга баар төгүрүк суукканы быһа көрдөрөр сэдэх ханааллартан биирдэстэрэ, тэлэбиидэнньэ эйгэтигэр бэйэтин оннун бигэтик булла, эфирнэй да көрдөрүүгэ, Интернеккэ да уонна хаабылынан көрдөрөр эпэрээтэрдэргэ. Биир киһи курдук көхтөөхтүк үлэлиир кэллэктиип тэриллэн салгыы өрөспүүбүлүкэ тэлэбиидэнньэтин сайыннарыа», - диэн эбэн эттэ кини.

Санааҕын суруй