Бэнидиэнньик күн үлэм күнэ сарсыардаттан Богдан Чижик уулуссатын 33/2 нүөмэригэр баар наркологическай диспансертан саҕаланна. Бу диспансер боростуой норуокка урут-уруккуттан “Красная Якутия” диэнинэн биллэр. 1986 сылтан балыыһаҕа сөбө суох тутуулаах, усулуобуйалаах икки этээстээх мас дьиэҕэ Автодорожнай уулусса 38 дьиэтигэр үлэлии олорбута. Быйыл кулун тутар ыйтан саҕалаан диспансер атын дьиэҕэ көһөн үлэлии олорор.
Диспансер кылаабынай бырааһынан аныгы кэм менеджерэ өйдөөх-санаалаах Альбина Сивцева ааспыт сыл алтынньы ыйыттан ананан үлэтин саҕалаабыт. 30-тан тахса сыл хаарбах дьиэҕэ түһүүлэнэн үлэлии олорбут дьиэни сүүрэн-көтөн кэпсэтэн, туруорсан кылгас кэм иһигэр, бу сыл кулун тутар ыйыттан 3 этээстээх таас дьиэҕэ көһөрөн аҕалан үлэлэтэ олорор. Онон 110 куойкалаах стационар өрөмүөннэммит, сырдык, ыраас дьиэҕэ үлэлиир.
Альбина Владимировна Сивцева, диспансер кылаабынай бырааһа:
“Үлэ устаабыгар уонна кэлэктиип дуогабарыгар уларытыы, эбии киллэрдибит. Стационарга саҥа тэрили анализатордары ыллыбыт. Куорат поликлиникатыгар быраас-нарколог ыстаатын элбэттибит. Урут 3 эрэ поликлиникаҕа баар буоллаҕына, билигин куорат 5 поликлиникатыгар быраас-нарколог баар буолла.
9 сыл үлэлээбэккэ турбут, арыгыһыттары бэрэбиэркэлиир көһө сылдьар анал тиэхиньикэбит куорат устун сылдьан үлэлээн барда. Үлэлии кэлбит омук гражданнара патент ылыахтарын иннинэ биһиэхэ арыгыга уонна наркотикка бэрэбиэркэни ааһаллар. Поликлиникабытыгар дьиэ кэргэн консультацията кэбиниэт аһылынна. Манна дьиэнэн кэлэн сүбэ-ама ылыахтарын сөп”.
Балыыһаҕа сырыыттан
Диспансерга миигин иһитиннэрэр-көрдөрөр эйгэни уонна уопсастыбаннаһы кытта үлэлэһэр пресс-киин үлэһитэ Ольга Голикова көрсөр уонна “быраастар балааталары кэрийэн ыарыһахтары көрө сылдьаллар” диэн сэрэттэ. Олорон эргим-ургум көрүнэбин. Ханна да буоларын курдук, харабыл баар, ким киирэрин-тахсарын хонтуруоллуур, ыйыталаһар. Ол олордохпуна таһырдьаттан “Суһал көмө” үлэһиттэрэ итиригэ-өйдөөҕө биллибэт дьүһүннээх эр киһини наһыылкаҕа көтөҕөн киллэрэллэр. Чугаһаан көрөбүн, орто саастаах эр киһи, таҥаһа-саба кумах, бадараан, кир-хох. Кини тула сүүрэр-көтөр диспансер үлэһиттэрин чэпчэкитэ суох үлэлэрин бэлиэтии көрөҕүн. Сарсыардаттан номнуо 5 киһи диспансерга эмтэнэ киирбит.
Манна кэлбит киһи бастаан “приемнай хоско” киирэн нарколог быраас көрүүтүн ааһар, диагноз туруоруллан, докумуонун толороллор. Баанна баар хоһугар (санпропускник) киирбит киһини сууйаллар-сотоллор, бириэйдииллэр, таҥаһын-сабын уларыталлар. Ардыгар бүтүннүү быт ыспыт дьоно эмиэ баар буолаллар эбит. 5 миэстэлээх консультациялыыр-диагнозтыыр балаата баар. Өҥөс гынан көрбүтүм, биир эр киһи утуйа сытар. Түүн киирбит. Маннык дьону өйдөнөн турдахтарына биирдэ докумуоннарын толороллор уонна көрөллөр-истэллэр эбит.
Олоххун саҥаттан саҕалаа...
Иккис этээскэ суһал наркологическай көмөнү оҥорор отделение баар. Отделениены бу эйгэҕэ 41-с сылын үлэлиир, РФ, СӨ доруобуйатын туйгуна, үрдүк категориялаах психиатр-нарколог быраас Мария Афонская салайан үлэлэтэр. Мария Ивановна: “Отделениебыт 30 миэстэлээх. Манна арыгыга сүһүрэн киирбит дьоҥҥо суһал көмөнү оҥоробут, психозтан устабыт”, -- диэн кэпсиир. Ыарыһахтар балааталарынан сыталлар. Отделениеҕа нарколог-быраас, невролог, трансфузиолог, УЗИ, эфферентнэй терапия, реаниматолог кэбиниэттэрэ бааллар. Манна арыгы дьаатыгар күүскэ ылларбыт, утуйар уулара, ньиэрбэлэрэ кэһиллибит ыарахан туруктаах ыарыһахтар сыталлар. Ол эбэтэр норуокка биллэринэн “горячкалаабыт”, арыгыга сүһүрбүт дьон.
Кинилэри арыгы дьаатыттан, сүһүрүүтүттэн ыраастыыллар (процедура дезинтоксикации) уопсай туруктарын бөҕөргөтөллөр, утуйар ууларын чөлүгэр түһэрэллэр. Дьэ, ол эрэ кэнниттэн биир этээһинэн үөһэ, 3-с этээскэ былааннаан эмтиир отделениеҕа көһөрөллөр. Бу отделение – 80 миэстэлээх, манна ыарыһах 21 күн устата эмтэниини ааһар, чөлүгэр түһэр усулуобуйата тэриллибит.
Наркологическай отделение сэбиэдиссэйинэн эдэр быраастар ортолоругар ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска “Бастыҥ быраас-нарколог” аатын ылбыт Елена Баишева үлэлиир. Елена Анатольевна: “Отделениебыт куруук толору буолбат. Бириэмэтиттэн тутулуктаах. Ордук бырааһынньыктар кэннилэриттэн киһи үксүүр. Үксүгэр 60-65 киһи сытар. Үксэ орто саастаах дьон киирэр. Дьахталлар эр дьоннооҕор аҕыйахтар эрээри, син биир киирэллэр. Бүгүҥҥү туругунан 40-ча киһи сытар, ол иһигэр 11 дьахтар. Сарсыардаттан дьон тахсыталаан эрэллэр. Күн устата син биир киирэ тураллар. Үгэс курдук, балыыһаҕа киирэр дьон үксүгэр эбиэт кэнниттэн киирбитинэн бараллар. Дьону суукка устата ылабыт. Приемнуур кэбиниэт 3 чаас 45 мүнүүтэҕэ диэри үлэлиир. Ол кэнниттэн кэлбиттэри дьуһуурунай быраас көрөн-истэн балыыһаҕа киллэрэр”.
Салгыы балааталары кэрийэбит. Үксүлэрэ 3-түү, 4-түү миэстэлээхтэр. Дьахталлар балааталарыгар киирэбит. Мин көрдөхпүнэ, сүрдээҕин оҥостубут, бэрт сэргэх сирэйдээх-харахтаах дьахталлар олороллор. Киһи хайдах даҕаны арыгылаан өлөртөрөн киирбиттэрэ буолуо дии санаабат. Балыыһа иһэ ып-ыраас, балааталарга дьып-дьап хомуллубут ыраас утуйар таҥастаах ороннор кэчигирэспиттэр.
Аанньал тэҥэ быраастар
Манна үлэлиир нарколог быраастар хайдах үлэлииллэр эбитий? Кинилэр быраас эрэ буолбакка, психолог эмиэ буолан ылаллар. Маннык усулуобуйаҕа, туга-ханныга биллибэт иэрэҥ-саараҥ дьону кытта хайдах үлэлииллэрин санаатаххына, тылгыттан матаҕын, өйдүүргэ өй-санаа, саҥарарга тыл тиийбэт... Амырыын астан өлөн эрэр турукка киирбит өйө-төйө суох киһини олоххо эргитэн аҕалыах диэтэххэ, ыарахан хартыына. Арыгыһыты кытта бодьуустаһан, эмтээн-томтоон, чөл олоххо төнүннэрэргэ кырата суох бириэмэ ааһара биллэр.
Кинилэр үтүө санаалара, сымнаҕас илиилэрэ олоххо төһөлөөх бүдүрүйбүт, аһыы утахха ылларбыт дьону чөл олоххо төнүннэрбитэ буолуой? Ааҕан сиппэккин... Онон нарколог-быраас киһини арыгыттан эрэ буолбакка, дууһатын кытта эмтиир. Эмтиир сылаас сыһыанынан, өйүнэн-санаатынан, тылынан-өһүнэн. Кистэл буолбатах, арыгыһыт буолбут киһиттэн чугас дьоно кэлэйэллэрэ, тэйэ тутталлара, көрүүтэ-истиитэ суох хааллараллара баар суол. Ону бары даҕаны көрө-истэ, билэ сылдьабыт.
Ыарыһаҕы арт-терапиянан эмтииллэр
Ыарыһахтары кытта үлэлэһэр психолог кэбиниэтигэр киирэбин. Манна хас биирдии ыарыһах аутотренинг ааһаллар. Онон ыарыһаҕы эминэн-томунан эрэ буолбакка, уйулҕа өттүнэн эмиэ эмтииллэр.
Надежда Замятина, килииньикэ психолога:
-- Арт-терапия диэн ньыманы терапия искусствота диэн ааттанар. Холобура, бу көрөр символическай хаартыскалар ыарыһах туһунан үгүс иһитиннэриини биэриэхтэрин сөп. Ол курдук, үгүстэр тылларынан сатаан бэйэлэрин ис туруктарын кэпсээбэттэр, арыллыбаттар. Бу хаартыскалартан бэйэлэрэ талаллар – ол түмүгэр урукку олохторуттан быһа тардыы, оҕо сылдьан туох истириэскэ түбэһэ сылдьыбыттара тахсан кэлиэн сөп.
Маны сэргэ “Сказка терапия”, “Проективные рисунки”, “Антистрессовая раскраска” диэн арт терапия көрүҥнэрэ эмиэ бааллар. Ыарыһахтарбыт туох кинилэри долгутарын, истэригэр сөҥө сылдьар санааларын сатаан тылынан эппэттэр, ону кинилэр уруһуй нөҥүө көрдөрөллөр. Холобур, биир ыарыһахпыт уруһуйдара – бу киниэхэ олоро сылдьар абааһылара.
Психолог кэбиниэтигэр дьарыктана олорор Үөһээ Халыма Зырянкатыттан эмтэнэ кэлбит орто саастаах дьахтары кытта кыл түгэнэ кэпсэтэн ылабын. Биллэр биричиинэнэн аата ыйыллыбат. “Эдьиийим сүбэтин ылынан, баҕа өттүбүнэн эмтэнэ анаан-минээн кэлбитим икки нэдиэлэ буолла. Арыгыга ылларбытым икки сыл кэриҥэ буолла. Бэйэм улаатан эрэр икки оҕолоохпун. Усулуобуйа олус бэркэ тэриллибит. Астара-үөллэрэ да үчүгэй. Бэйэм курдук суолга үктэммит дьону кытта алтыстым, көрдүм-иһиттим. Эмтэнэн, киһи-хара буолан тахсарым буоллар, бу аһы аны амсайбатах киһи диэн санаалаахпын. Айака, хайа муҥун, дьон сиэринэн олоҕу олорбут киһи. Чугас дьоммун да сөбүн эрэйгэ-муҥҥа тэптим быһыылаах”.
Арыгыта суох олох, кэрэҕин даҕаны...
Серафима Васильева, диспансер поликлиникатын сэбиэдиссэйэ:
-- Күнүскү поликлиникабыт 10 куойкалаах. Манна тастан эмтэнээччилэр сарсыарда 9 чаастан күнүс 12 чааска диэри кэлэн эмтэнэллэр. Билигин биир симиэнэнэн үлэлиибит. Урут, Стадухин уулусса 84 дьиэтигэр баар эрдэхпитинэ, икки симиэнэнэн киэһэ 19 чааска диэри үлэлиир этибит. Кулун тутар ый ортотуттан Автодорожная 38 дьиэтигэр көһөн кэлэн үлэлии олоробут. Манна көһөн кэлбиппитин учуокка турар ыарыһахтарбыт билбэттэр. Онон түгэни туһанан, билигин үлэлии олорор аадырыспытыгар кэлэллэригэр ыҥырабыт.
Арыгыны утары профилактика 3 көрүҥүн ыытабыт. Ол курдук, арыгыга саҥа ылларан эрэр, арыгыттан тутулуктаммыт дьону кытта үлэ уонна чөлүгэр түһэрии (реабилитация) үлэтэ.
Биһиэхэ учуокка 6000-тан тахса киһи турар, ол иһигэр 370 наркотиктан тутулуктаммыт дьон. Балартан үгүстэрин ИДьМ үлэһиттэрэ аҕалаллар. Бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн кэлэн эмтэнээччи да аҕыйаҕа суох. 10-ча сыл анараа өттүгэр “Синдром алкогольной зависимости” диагнозтаах элбэх эбит буоллаҕына, билигин -- атын хартыына. Эдэр ыччат иһэрэ аччаата. Билиҥҥи эдэр ыччат өйө-санаата уларыйан, үчүгэйгэ эрэ тардыһар буолла.
Учуокка ылыллыбыт киһи бастакы сылыгар -- ый аайы, иккис сылыгар 2 ыйга биирдэ, онтон үһүс сылыгар кыбаарталга биирдэ кэлэн бэлиэтэниэхтээх. Онтон быраас хамыыһыйатынан учуоттан уһуллаллар. Учуокка турар ыарыһахтарбыт үксүгэр кэлэн бэлиэтэммэттэр. Онтон туохха эрэ ыспыраапка наада буоллаҕына (суоппар быраабын ыларга, саа сэбин атыылаһыыга, уһатыыга), ону кэлэн ылаары учуоттан уһулла иликтэрин истэн соһуйаллар. Манна даҕатан быһаардахха, арыгыга ыллара илик киһи 1 сылга, онтон “Синдром алкогольной зависимости” диагнозтаах дьон 3 сылга учуокка ылыллаллар. Стационарга сытан эмтэммит киһи докумуона биһиэхэ кэлэр уонна тута учуокка ылыллар.
Биһиэхэ кэлбит дьону ханна олохтооҕуттан тутулуга суох барыларын көрөбүт, эмтиибит. Маны тэҥэ саастарын ситэ илик оҕолору кытта үлэлиир анал кэбиниэт эмиэ баар. Манна төрөппүттэр оҕолорун кытта кэлэн кыһалҕалаах боппуруостарыгар көмө ылыахтарын сөп.
Дьэ, ити курдук наркологическай диспансерга биир күннээх сырыым түмүктэннэ. Ааспыт үйэ 80-с сылларыттан үлэлии олорор наркологическай диспансер төһөлөөх Саха сирин олохтооҕун “күөх моҕой” содулуттан быыһаабыта, эмтээбитэ буолуой?! Аҕыйах ахсааннаах норуот омук быһыытынан арыгы ыар дьаатыттан эстэн эрэрбит мэлдьэх буолбатах. Ону өйдүүр, билинэр кэммит уолдьастаҕа...
үлэни-хамнаһы билсистэ
Саргылаана БАГЫНАНОВА.