Киир

Киир

Бу күннэргэ алмаастаах куоракка “Армада” атыы-эргиэн дьиэтэ сэргэх тэтиминэн тутулла турар.

Тутууну сүрдээх сиэдэрэй көрүҥнүүр өстүөкүлэ матырыйаалларынан бүрүйэллэр.Ити курдук, былырыыҥҥаттан ылата, Новосибирскайтан сылдьар “Сибирские ресурсы” фирма үлэлии сылдьар.«Армада» тутуута, 14.989 кв.м иэннээх буолан, туох да сүрдээх киэҥ сири хабар. Тутуллар эргиэн киинигэр 156 миэстэлээх остолобуой, 96 миэстэлээх көстүүнэй баар буолара бырайыактаммыта. 150 эргиэн миэстэтэ баар буолара былааннанар. Онон Мииринэй куоратыгар эргиэн-урбаан ситимигэр, сүҥкэн уларыйыылар күүтэллэр. Былаан чэрчитинэн, “Армада” эргиэн Киинэ 2021 сылга үлэҕэ киириэхтээх.

 Станислав Алексеев, Мииринэй куората.

Ааптар фотота.

Санааҕын суруй