Киир

Киир

50 тыһыынча кэриҥэ өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо төлөммөтөх иэстэриттэн сылтаан тас дойдуга тахсар кыахтара суох. Ол туһуна иһитиннэрэллэр өрөспүүбүлүкэтээҕи ФСПС пресс-сулууспатыттан.

«2021 сыл, бэс ыйын 1 күнүнээҕи туругунан, 49 тыһыынчаттан тахса өрөспүүбүлүкэ олохтооҕор тас дойдуга тахсарга көҥүллэрэ суох, ол иһигэр 3184 элимиэннэригэр иэстээх дьон», - диэн биллэрдилэр биэдэмистибэҕэ.

10 тыһыынчаттан тахса иэстээх дьоҥҥо, суут толорооччу пристава дойдуттан тахсарга хааччахтааһыҥҥа уураах таһаарыан сөп.

“Саха сиринээҕи Федеральнай Суут Приставтарын Сулууспата иэстээх дьоҥҥо ханна эмит тас дойдуга тахсыахтарын иннинэ, биэс хонук инниттэн иэстэрин сабарга кыһаллалларыгар сүбэлиир. Тоҕо диэтэххэ иэс сотуутун болдьоҕо ортотунан биэс үлэ күнүн ылар”, - диэн этиллэр биэдэмистибэ пресс-релиһигэр.

Ким төһө иэстээҕин Арассыыйа Федеральнай Суут Приставтарын Сулууспатын Саха сиринээҕи саайтыттан билиэххитин сөп.

Санааҕын суруй