Киир

Киир

Роспотребнадзор үлэ күнүн биир чаас кылгатарга сүбэлиир, өскөтүн температура үлэлиир сиргэ 28,5 кыраадыс сылааска тиэрдэр буоллаҕына. Оттон 29 кыраадыс сылааска тиэрдэр буоллаҕына, үлэ күнүн икки чаас кылгатарга.

Ону таһынан, Роспотребнадзор бэлиэтиир, 32,5 кыраадыска таһырдьа тохтоло суох үлэ 15-20 мүнүүтэттэн уһуо суохтаах, 10-12 мүнүүтэ сөрүүн сирдэргэ сынньана-сынньана. Оттон анал итииттэн харыстыыр таҥастаах дьоҥҥо үлэ смената күҥҥэ түөрт-биэс чаастан уһуо суохтаах, итииттэн күн охсуутун ылбат гына. Оттон оннук таҥаһа суох дьоҥҥо 1,5-2 чаастан уһуо суохтаах.

Биэдэмистибэҕэ бэлиэтээбиттэринэн, 32,5 сылаас кыраадыстан тахса тас салгыҥҥа үлэ, доруобуйаҕа кутталлааҕынан ааҕыллар, ол иһин үлэ кыраапыгын уларытарга сүбэлииллэр, сарсыарда эрдэ биитэр киэһэ.

«Олус куйаас охсуутуттан харыстанарга анал таҥаһы туһанарга үчүгэй эбэтэр арыый халыҥ таҥаһы кэтэргэ тоҕоостоох. Олус итиигэ үлэлииргэ 25 сааһыттан эдэрдэри уонна 40 сааһыттан улахана суох дьону үлэҕэ көҥүллүүргэ сүбэлииллэр», - диэн этиллэр иһитиннэриигэ.

Ону таһынан Роспотребнадзор уу иһэр эрэсиими тутуһарга сүбэлиир, организмҥа туустар суураллаларын туустаммыт уонна минеральнай уунан солбуйарга, аһыйбыт үүттэн оҥоһуллубут уонна битэммииннээх утахтары, суоктары иһэргитигэр сүбэлиир.

Сэҥээриилэр

Ursula
0 Ursula 06.04.2023 04:10
Aw, this was an extremely nice post. Finding the time and actual effort to create
a good article… but what can I say… I hesitate a lot and never seem to
get anything done.

Also visit my web page ... can i buy venlor in [insert city or state name] without a: https://ga.amicidellestelle.it/ni/rs9rwoz
Ответить
Humberto
0 Humberto 08.04.2023 05:52
I've learn some just right stuff here. Definitely value bookmarking for revisiting.
I wonder how a lot attempt you put to make this type of
wonderful informative site.

Also visit my homepage Astrid: https://consuelovita.it/finasteride-and-diabetes-can-finasteride-increase-your-risk-of-developing-diabetes
Ответить

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар