Киир

Киир

"Якутия" авиахампаанньа Тиксиигэ, Черскэйгэ көтөргө эбии эриэйсэлэри арыйыаҕа. Бу туһунан көлө министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Тиксиигэ от ыйын 13 күнүгэр эбии биир эриэйсэ оҥоһуллуоҕа, оттон Черскэйгэ — икки — от ыйын 15 уонна 22 күннэригэр.

Былырыын хамсык хааччахтарынан, бу улуус олохтоохторо уоппускаларыгар дьиэҕэ хаайтаран олорбуттара, оттон билигин кэлии-барыы сыыйа элбээн, билиэт былдьаһык буолбут. Ол иһин, авиахампаанньа эбии эриэйсэлэри оҥорор, дьон интэриэһэ улахан буоллаҕына, эбии эриэйсэлэри оҥорорго бэлэмнэрин биллэрэллэр.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар