Киир

Киир

 

Бу сырыыга биһиги СӨ Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондатын нөҥүө үбүлэммит икки бүтэһик бырайыак туһунан кэпсиэхпит. Ол курдук, Сунтаар улууһун Кэппэндээйи бөһүөлэгэр баар “Сир уустара” оҕо киинин 40 миэстэлээх утуйар дьиэтин уонна Нам улууһун киинигэр тутуллуохтаах 450 миэстэлээх Култуура уонна духуобунас дыбарыаһын туһунан.

 

DSCN1378

Кэппэндээйи бөһүөлэгэр баар “Сир уустара” Оҕо киинин 40 миэстэлээх утуйар дьиэтэ

Сунтаар улууһун Кэппэндээйи бөһүөлэгэр баар “Сир уустара” өрөспүүбүлүкэтээҕи үөрэтэр-чэбдигирдэр киин “Юные Якутяне” өрөспүүбүлүкэтээҕи ресурса киинин иһинэн үлэлиир оҕо тэрилтэ. Оҕолор утуйар саҥа дьиэлэрин СӨ Үүнэр көлүөнэтин тус сыаллаах пуондата АЛРОСА үбүнэн, “Кэскил туһугар” тус сыаллаах бырагыраама чэрчитинэн, тутар. Бырайыак быһыытынан, Кэппэндээйигэ икки этээстээх, толору хааччылыылаах, аныгы мэдиссиинэ тэрилинэн сэбилэммит дьиэ тутуллуохтаах. Оҕолор утуйар куорпустара эһиил номнуо үлэҕэ киириэхтээх.

“Сир уустара” киин Кэппэндээйигэ Г.Е. Чолбодуков аатынан бадараанынан эмтиир сонотуоруй базатыгар тутуллубута. 2021 сыл ахсынньы 17 күнүттэн манна оҕолору үөрэтэр буолбуттара. Аан бастакынан кииҥҥэ Кэппэндээйи нэһилиэгин 78 оҕото киирбитэ. Оҕолор “Робототехника”, “Дьикти Саха сирэ”, “Аныгы үҥкүү” уонна “Englishmate” курдук анал бырагыраамаларынан үөрэммиттэрэ. 2021 сыл муус устарыттан киин өрөспүүбүлүкэ бары улуустарын оҕолорун үөрэтэр буолбута. Оҕолорго анаан 3 тутаах хайысха олохтоммута: естественнэй-научнай, политехническай уонна туристко-краеведческай.

“Киин үлэҕэ киириэн иннинээҕи күн үөрэнэр куорпус өрөмүөнэ түмүктэммитэ. Тэхиниичэскэй уонна гуманитарнай бырагыраамаларынан эбии үөрэхтээһини тэрийэргэ аналлаах матырыйаалынай-тэхиниичэскэй база тэриллибитэ. Куорпус ис бараанын, дизайнын оҥорууга оҕо уйулҕатынан анаан дьарыктанар психологтар кыттыспыттара. Холобур, киин хас биирдии кэбиниэтэ туспа өҥнөөх, ол эрээри бары уопсай истииллээхтэр. Сүрүннээн, үөрүүнү-көтүүнү, доҕордоһууну, аһаҕас, ыраас-чэбэр буолууну, кэскили түстүүр сэттэ дьэрэкээн өҥ туттуллубута. Ону барытын дизайнер Татьяна Зуева салайааччылаах “Юные Якутяне” хамаанда олоххо киллэрбитэ. Ону таһынан, Үүнэр көлүөнэ тус сыллаах пуондатын өйөбүлүнэн куттал суох буолуутун бары ирдэбилигэр эппиэттиир күрүө-хаһаа тутуллубута. Өссө өтөр АЛРОСА хампаанньа көмөтүнэн толору хааччыллыылаах оҕолор утуйар дьиэлэрэ баар буолуоҕа”, -- диэн “Юные Якутяне” өрөспүүбүлүкэтээҕи ресурса киинин дириэктэрэ Варвара Васильева кэпсээтэ.

Киин оҕо эбии үөрэхтээһин кииннэрин тутар тосхол чэрчитинэн тэриллибитэ. Ол – “Үөрэхтээһин” национальнай бырайыак “Хас биирдии оҕо ситиһиитэ” федеральнай бырайыагын биир тутаах соруга.

Быйыл 10 анал симиэнэ үлэлиэхтээх. Хас биирдии симиэнэҕэ 98 оҕо сылдьыахтаах. Ол курдук, бу күннэргэ “Үҥкүү лабаратыарыйата” симиэнэ түмүктэннэ. Онно оҕолор норуот үҥкүүтүгэр, аныгы үҥкүүгэ уонна брейк-данска сатабылларын чочуйдулар. Мантан сайын кииҥҥэ өссө “Экология калейдоскоба”, “Өбүгэ суолунан”, “Эдэр туристар, экологтар сайыҥҥы академиялара”, “Баҕа санааттан – арыйыыга” симиэнэлэр үлэлиэхтэрэ.

“Кэппэндээйи чөл айылҕалаах дойду. Манна эмтээхтэринэн аатырбыт туустаах источниктар, бадараан, Мохсоҕоллоох күөлэ бааллар.

“Сир уустара” киин оҕону-ыччаты үөрэтэр-иитэр эйгэҕэ умсугутур, кинилэри билим-чинчийэр үлэҕэ көҕүлүүр. Ону таһынан кииҥҥэ кэлбит оҕолор Кэппэндээйи айылҕатын күүһүнэн доруобуйаларын бөҕөргөтүнүөхтэрин сөп”, -- диэн киин тутаах салаатын салайааччы Григорий Павлов кэпсиир.

Санаттахха, АЛРОСА бэйэтин эрэгийиэнин социальнай бэлиитикэтигэр улахан болҕомтотун уурар. Үгэс курдук, хампаанньа төлүүр нолуогунан уонна дивиденинэн Саха өрөспүүбүлүкэтин бүддьүөтүн 40 %-нын толуйарын таһынан, Саха сирин социальнай бырайыактарыгар быһаччы 10 млрд солкуобайы көрөр. Ол курдук, алмаастаах хампаанньа сыл аайы араас хайысхалаах 500 социальнай бырайыагы олоххо киллэрэр. Ол иһигэр АЛРОСА Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондатын үбүнэн-аһынан өйүүр. Ааспыт 10 сыл иһигэр хампаанньа Тус сыаллаах пуондаҕа 7 млрд тахса солкуобайы биэрбитэ. Ол харчынан социальнай суолталаах сүүһүнэн бырайыак олоххо киирбитэ. Үөрэхтээһин, билим, доруобуйа харыстабыла, култуура уонна успуорт, Саха сирин оҕолорун уонна ыччатын сайдар усулуобуйата олохтоммута.

СӨ Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондата 2021 сылга АЛРОСА хампаанньа көмөтүнэн социальнай суолталаах эбийиэктэри салгыы тутар былааннаах. Ол курдук, Нам улууһун киинигэр Култуура уонна духуобунас дыбарыаһа, Уус Алдан Бороҕонугар В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан Култуура киинэ тутуллуохтара, “2019-2024 сс. Бүлүү улуустарын уонна Эдьигээн бөһүөлэгин уунан хааччыйар тиһиктэрин сайыннарыы” бырагыраама салгыы олоххо киириэҕэ. Сунтаар улууһун Кэппэндээйи нэһилиэгэр Үөрэтэр-чэбдигирдэр өрөспүүбүлүкэтээҕи киин 40 миэстэлээх утуйар дьиэтин тутуута саҕаланыаҕа. Итини сэргэ Хаҥалас улууһун Чапаевотыгар СӨ Дьоҕус билим академиятын 150 миэстэлээх үөрэнэр куорпуһа, 100 миэстэлээх интэринээтэ тутуллуохтаахтар.

Намҥа 450 миэстэлээх Култуура уонна духуобунас дыбарыаһа

Намский Дворец культуры 1

Нам улууһун Нам бөһүөлэгэр “Култуура” национальнай бырайыак чэрчитинэн 450 миэстэлээх Култуура уонна духуобунас дыбарыаһа тутулла турар. Санаттахха, дыбарыас Максим Кирович Аммосов төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтиир үбүлүөйдээх тэрээһиннэр чэрчилэринэн уонна социальнай эбийиэктэри тутуу былаанын быһыытынан, Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, тутуллар. Онно анаан федеральнай бүддьүөт харчыта көрүллүбүтэ. Ону сэргэ СӨ Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондата АЛРОСА хампаанньа сиэртибэлээбит харчытыттан 450 мөл. солкуобайы биэрбитэ.

Эбийиэги “РДР Групп” ХЭУо диэн ааҕын тутар. Бэдэрээччик – “ИФК “РФА-Инвест” АУо. Бэдэрээттээх тэрилтэ дириэктэрин солбуйааччы Дмитрий Поисеев кэпсээбитинэн, күн бүгүн эбийиэккэ монолит уонна таас үлэтэ бара турар. Барыта 28 киһи үлэлии сылдьар. Дыбарыас 2022 сыл 3 кыбаарталыгар тутуллан бүтүөхтээх. Кыраапыктан хаалбакка иһэллэр.

Бэлиэтээн эттэххэ, бу үс этээстээх, уопсайа 5 692 квадраднай миэтэрэ иэннээх дьиэ улуус култуурунай уонна айар олоҕун түмэр баараҕай түһүлгэ буолуохтаах. Былаан быһыытынан, манна 450 миэстэлээх көрөр саалалаах Култуура дыбарыаһа, бибилэтиэкэ, улуустааҕы саахса, кыраайы үөрэтэр түмэл, харытыына галереята уо.д.а. тэрилтэ баар буолуохтаах.

АЛРОСА уонна СӨ Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондатын пресс-сулууспаларын матырыйааллырынан.       

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар