Киир

Киир

Чурапчы улууһун Киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Артем Ксенофонтов тиэрдэр: «Улууспут балыыһатыгар дьон доруобуйатын дириҥник чинчийэргэ аналлаах саҥа сэп-сэбиргэл кэлэ турар. Федеральнай үп-харчы көрүллэн, эрэгийиэннээҕи бырагыраамма чэрчитинэн, аныгы цифровой диагностикалыыр аппарааттар биһиэхэ эмиэ баар буоллулар. Билигин, биһиги компьютернай томография анал кэбиниэтин арыйарга бэлэмнэнэ сылдьабыт».

Чурапчы улууһун аҕа баһылыга Андрей Ноговицын бэлиэтииринэн КТ кэбиниэтин арыйыы, хамсыгы уонна да атын ыарыылары утары охсуһууга – улахан төһүү күүс. Ыарыыны чопчу кэмигэр быһааран, эмтии охсорго, дьону үтүөрдэргэ бигэ тирэх.

Баһылык эбэн эттэ: «Модернизация бырагырааммата баар буолан, биһиги улууспут эмтиир-чинчийэр олоҕун күүһүртүбүт. Билигин дьон-сэргэ ыраах Дьокуускайга барбакка манна дойдуларыгар доруобуйаларын туругун кэмигэр чинчийэн, эмтэнэн, этэҥҥэ сылдьар кыахтанна».

Чурапчытааҕы улуус балыыһатыгар, КТ кэбиниэтин өрөмүөнүн үлэтин быйылгы дьыл күһүнүгэр түмүктүүр былааннаахтар. Саҥа, күүстээх чинчийэр аппарааты туруоруу, олохтоохторго мэдиссиинэ көмөнү оҥоруу таһымын лаппа үрдэтиэҕэ.

Маны таһынан, Чурапчы улууһугар эрэ буолбакка, атын улуустарга: Горнайга, Томпоҕо, Уус-Алдаҥҥа уонна Намҥа компьтернай томография аппараттара тиэрдиллэллэрэ күүтүллэр.

«Чурапчы улууһа» олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата

Санааҕын суруй