Киир

Киир

Дьокуускайтан Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическэй клиническэй балыыһа быраастарын мобильнай биригээдэтэ Горнай улууһугар ойуур уоттарыттан эмсэҕэлээбит дьоҥҥо көмө оҥоро бардылар.

Бу туһунан балыыһа сүрүн бырааһа Иван Луцкан иһитиннэрэр. "Офтальмолог быраастар баһаарга эмсэҕэлээбит дьоҥҥо туһааннаах көмөнү оҥоруохтара, маны таһынан Горнай быраастарыгар сүбэ-ама биэриэхтэрэ", - диир кини. Биригээдэҕэ харах балыыһатын бастыҥ исписэлиистэрэ киирбиттэр, кинилэр суһал көмөнү оҥорорго сөптөөх сэбилэниилээх туруммуттар.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар