Киир

Киир

Сахалин уобалаһын Смирныховскай оройуонугар нэдиэлэ анараа өттүгэр сураҕа суох сүппүт икки дьахтары быраабы араҥаччылыыр уорганнар, быыһааччылар уонна волонтердар буллулар. Бу туһунан Сахалин уобалаһын Силиэстийэлиир управлениета иһитиннэрэр.

33 уонна 40 саастаах дьахталлар нэдиэлэ анараа өттүгэр, атырдьах ыйын 25 күнүгэр, хайалаах тыаҕа сир астыы баран баран муммуттар. Кинилэри тыаттан буллулар, доруобуйалара этэҥҥэ. Дьахталлары бөртөлүөтүнэн эҥин көтөн көрдөөбүттэрэ. Бастаан утаа "өлбүттэрэ буолуо" диэн холуобунай дьыаланы көбүппүттэрэ. Дьолго, муммут дьахталлар этэҥҥэ көһүннүлэр. 

Санааҕын суруй