Киир

Киир

Балаҕан ыйын 3 күнүнээҕи туругунан, Саха сиригэр 346125 гаа ходуһа охсуллубут, 457553 от былааннаммытыттан 334408 туоннаны кэбистилэр, ити былаантан 73% буолар. Бу туһунан брифинг кэмигэр бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Никифоров кэпсээтэ.

11948 туонна сиилэс бэлэмнэниллибит, оттон былаан быһыытынан 26867 туонна буолуохтаах (44% туолбут), сенаж — 3320 туонна, былаан —14766 туонна (22% туолла).

70% көрдөрүүнү маннык улуустар куоһарбыттар: Бүлүү (95), Үөһээ Бүлүү (94), Кэбээйи (86:, Амма (83), Ньурба (79), Мэҥэ Хаҥалас уонна Таатта (77), Ленскэй (74), Нам (73), Хаҥалас (72). Оттон Арктика уонна хоту улуустарыттан: Абый (151), Булуҥ (93:, Эдьигээн (90), Аллайыаха (87), Эбээн Бытантай (82) уо.д.а.

Саамай намыһах көрдөрүүлээх улуустар: Томпо (25), Уус Алдан (49), Чурапчы (51). Вице-премьер бу улуустар баһылыктарын от хаамыытын тус хонтуруолларыгар ылалларыгар сорудахтаата.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар