Киир

Киир

Балаҕан ыйын 14 күнүгэр, түүн 3 чаас 43 мүнүүтэҕэ баһаарынай сулууспаҕа Орто Халыма куоратын Лесной уулуссатыгар 1 этээстээх тутууга баһаар тахсыбытын туһунан суһал иһитиннэрии киирбит.

Баһаарынайдар миэстэтигэр 3 мүнүүтэннэн тиийбиттэр, дьиэ иһигэр 17 кв. м. иэҥҥэ аһаҕас уот умайа турбут. Баһаарга 1995 сыллаах төрүөх уол былдьамыт, 1992 сыллаах төрүөх уол эмсэҕэлээбит. Билигин баһаар биричиинэтин, буруйдааҕы быһаараллар. Баһаары умулларыыга 7 киһи уонна 2 тиэхиньикэ үлэлээбит.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар