Киир

Киир

«П.Н. Сокольников аатынан Чурапчы улууһун киин балыыһатын» кылаабынай бырааһа Артем Ксенофонтов иһитиннэрэринэн, улууска гриббинэн уонна хамсыгынан ыалдьыы күннэтэ улаатар.

Артем Ксенофонтов тиэрдэринэн: «Хамсык хара саҕаланыаҥыттан, биһиги улууска уопсайа 2102 киһи ыарыйда, онтон 1800 дьон үтүөрдэ, 190 ыарыһах амбулаторно эмтэнэ сылдьар, 70 киһи – стационарга, 40 киһи – хомойуох иһин күн сириттэн күрэннэ. Улуус бары нэһилиэктэригэр, Үрэх-Күөлтэн ураты, ыалдьыбыт дьон баар, эмтэнии ыла сылдьаллар. Ыарыһах ахсаана элбээн, эбии куойкалары көрдүбүт».

Кылаабынай быраас маны таһынан, улууска хамсыгы утары быһыы ылыы тэтимэ бытаанын бэлиэтээтэ. Быһыы биэрии былаана 51 эрэ бырыһыан туолбут. Улуус үрдүнэн быһыыны ылыы былаана туоларыгар өссө 30 % нэһилиэнньэ быһыыны ылыан наада. Ол эбэтэр өссө эбии 11 204 киһи ыарыыны утары прививкэ ылыахтаах.

Кылаабынай быраас бэлиэтииринэн: «Кэллэктиибинэй иммунитет үөскүүрүгэр биһиэхэ 30 % тиийбэт».

Улуус Суһал ыстааба Чурапчы улууһун олохтоохторун кутталлаах ыарыыны утары быһыыны ылалларыгар ыҥырар.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар