Киир

Киир

Сэтинньи 4 күнэ - Норуот сомоҕолоһуутун күнэ. Саха сирин Ил Дархана бу күнүнэн өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун эҕэрдэлээтэ.

Кини этэринэн, Норуот сомоҕолоһуутун күнэ Арассыыйа олохтохтоохторо түмсүүлээхтэрин уонна дойдубут бары омуктара биир санаалаах буолалларын бэлиэтиир. Хамсык кэмигэр олорор да буолларбыт, дойдубут сайдар – бу сыл АрАссыыйаҕа наука уонна технология Сылынан, оттон Саха сиригэр – доруобуйа Сылынан биллэриллибитэ.

«Сахабыт сирэ Арассыыйа туһугар уопсай санаалаах уонна эрэллээх олорбута, олорор уонна олоруоҕа. Биһиги, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо, бырааттыы уонна доҕордуу буолууну харыстыыбыт, Арассыыйа дьонун-сэргэтин олохторун уйгута бары биир сомоҕо буоллахпытына ситиһиллэрин өйдүүбүт», - диэн Ил Дархан этэр.

Айсен Николаев аныгыскы сылга Саха сирэ ЯАССР олохтоммута 100 сылын бэлиэтиирин туһунан санатта.

«Биир үйэлээх үбүлүөйбүтүн бэлиэтиэтиирбитин көрсө, бука барыгытын эрэгийиэммит дьонун-сэргэтин олоҕун-дьаһаҕын тупсарар сыал-сорук инниттэн бары түмсүүлээх буоларбытын ыҥырабын», - диэн кини түмүктээн эттэ.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар