Киир

Киир

Байанай айыылаах сэтинньи ыйбыт «Күөх Боллох Тойон, күндүлээ!» диэн тыллартан саҕаланар сабыс-саҥа, «Кыым» норуот хаһыата 44-с нүөмэрэ бэҕэһээ тахсыбыта.

Бу нэдиэлэтээҕи хаһыаттан Аан дойдутааҕы, Арассыыйатааҕы, Сахабыт сиринээҕи сытыы сонуннары, «Тирэх санаа», «Дуораан», «Өлбөөдүйбэт аат», «Тыа сирэ» хас биирдии саханы долгутар тиэмэлэрдээх таһаарыыларын, «Доруобуйа», «Ил Түмэн», «Сатабыл», «Хахсаат», «Сүбэ», «Манчаары», «Өһүө», «Быйаҥ», «Куйах» балаһалар кэрэхсэбиллээх ыстатыйаларын, интервьюларын, «Күлүк», «Сонор», «Имэҥ», «Дьылҕа» балаһалар киһини толкуйдатар, дууһа кылын таарыйар суруйууларын, тэбэнэттээх «Тэбэнэт» эдэр ыалдьытын, «Хаппар» сүбэтин, «Сынньалаҥҥа» таайбараҥын, гороскуобун булан ааҕыаххытын сөп.

«Кыым» норуота хаһыатын өрөспүүбүлүкэбит үгүс почталарыттан, сорох кинигэ маркеттарыттан, «Тэтим», «Прометей» атыы-эргиэн кииннэриттэн, «Горпечать» киоскаларыттан, Национальнай бибилиэтиэкэттэн булан ааҕыаххытын сөп.

Санааҕын суруй