Киир

Киир

Европарламент дьокутаата Тьери Мариани: “Аан Илин уонна Африка дойдуларыттан олус элбэх мигрант көһөн кэлбитин түмүгэр, бэрт сотору кэминэн Франция христианныы уонна ислам цивилизацияларын охсуһар түһүлгэлэригэр кубулуйар чинчилээх.

Урукку өттүгэр Францияҕа олус элбэх мигрант Дьобуруопа атын дойдуларыттан көһөн кэлэр этэ. Ол эрээри бу дьон христианныы култуура бэрэстэбиитэллэрэ буолан, туох да улахан утарыта турсуу, иирсээн суох этэ. Билигин хартыына төрдүттэн уларыйда”, – диэн дьаарханар.

Астаапкаҕа олорор француз кырдьаҕас генераллара быйыл саас дойду былаастарыгар аһаҕас сурук суруйбуттара. Онно кинилэр Франция исламистар халҕаһаларын утары гражданскай сэриигэ киирэрэ чугаһаабытын, исламистар билигин Франция бүтүн уобаластарын былдьаан, онно бэйэлэрин бэрээдэктэрин олохтоон эрэллэрин, дойду Төрүт сокуонугар наадыйбаттарын, Франция устуоруйатын абааһы көрөллөрүн туһунан эппиттэрэ, суһал дьаһаллары ылыыны туруорсубуттара.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар